Госдуумаҕа бултуур сири үтүө суобастаахтык арендалыыр дьоҥҥо учаастактарыгар бырааптарын биэрэр эбэтэр арендаларын болдьоҕун аукциона суох уһатар туһунан сокуон барыла киирдэ. Докумуон туһунан «Парламентская газета» суруйда.
«Об охоте и о сохранении охотничьих ресурсов» сокуоҥҥа көннөрүүлэри киллэрии туһунан депутаттар уонна сенатордар бөлөхтөрө оҥордулар. Кинилэр анаммыт сиргэ бултуур көҥүлү юридическай сирэйтэн быраабы уонна эбээһинэһи атыҥҥа сөбүлэҥ быһыытынан биэриини көҥүллүүргэ этэллэр.
Сокуон барылынан быраап уонна эбээһинэс ханнык эрэ чааһын биэрии көҥүллэнэрэ суруллар. Сөбүлэҥ суруллубут күнүн кэнниттэн сэттэ сыл ааһыахтаах. Сири ылар киһи регион толорор былааһыттан көҥүллээх буолуохтаах. Докумуон уонна сөбүлэҥ сурук болдьохторо араастаһыыта суох буолуохтаахтар.
Үтүө суобастаах сири арендалааччылар салгыы учаастактарын туһаналларыгар аукциона суох ылыахтарын сөп.
Сиһилии https://ysia.ru/arendatoram-ohotnichih-ugodij-hotyat-razreshit-peredavat-prava-na-uchastki/