Томпо улууһугар сааскы куһу бултааһын кэмигэр ыам ыйын 11-20 күннэригэр «Булчут» операция ыытылынна. Ол түмүгэр биэс саа тутулунна.
ИДьМ 193 №-дээх бирикээһинэн кус көҥүлүн кэмигэр бултааһыҥҥа уонна балык ыыр кэмигэр административнай сокуону кэһээччилэри тутар соруктаах «Булчут» операция Томпо улууһугар ыытылынна. Рейдэ Алдан өрүскэ уонна кини салааларыгар тэрилиннэ. Ол түмүгэр балыгы харыстыыр инспекция үлэһиттэрэ 10 административнай сокуону кэһиини буллулар. Дьон мотуордаах оҥочолоро докумуона суох сылдьыыта билиннэ. 10 көҥүлэ суох илими туттулар.
Өрүскэ рейдэҕэ олохтоох полиция уонна балыгы харыстыыр инспекция үлэһиттэригэр ыам ыйын 18 күнүгэр Дьокуускай куораттан балыгы харыстыыр тэрилтэ икки уонна транспортнай полиция биир үлэһитэ кыттыстылар.
Николай Эверстов, полиция лейтенана: «Рейдэ кэмигэр Амма өрүскэ Дьокуускай куоракка төрөөбүт гражданин Д. «МР-153» сааны уура уонна илдьэ сылдьарга көҥүллэнэр докумуона суох сылдьарын туттубут. Оттон эмиэ ити эҥэр гражданин М-тан «Вепрь-12» сааны уонна тоҕус 12 калибрдаах ботуруон тутулунна. Кини эмиэ көҥүллүүр докумуона суох. Үһүс түбэлтэҕэ гражданин Н. атын киһи «ТОЗ-34 ЕР» саатын илдьэ сылдьан тутулунна«, — диэн иһитиннэрдэ.
Орто Ленскэйдээҕи улуустар икки ардыларынааҕы балыгы харыстыыр инспекция Таатта улууһун эмиэ бэрэбиэркэлиир. Бу дойду киһитэ – гражданин С. эмиэ атын киһи «МЦ-21-12» саатын илдьэ сылдьан тутулунна. Бу икки кэнники түбэлтэҕэ саалары уларсыбыт уонна илдьэ сылдьыбыт дьон бары буруйданалларын эттилэр.
«Булчут» операция кэмигэр ГИБДД үлэһиттэрэ «Халыма» федеральнай айан суолунан ааһар 32 массыынаны бэрэбиэркэлээн, биир сааны туттулар.
Маны таһынан СӨ Правительствотын 2014 сыл ахсынньы 12 күнүнээҕи 446 №-дээх уурааҕынан гражданнар регистрацияламматах саалары полицияҕа аҕалан харчыга туттарар бырааптаахтар. «Булчут» операция кэмигэр биир киһи оннук саа аҕалан биэрдэ.
Рейдэҕэ СӨ ИДьМ Томпотооҕу салаатын лицензиялыыр-көҥүллүүр хайысха үлэтигэр инспектора, лейтенант Николай Эверстов, Орто Ленскэйдээҕи улуустар икки ардыларынааҕы балыгы харыстыыр инспекция салаатын үрдүкү госинспектора Александр Яворскай уонна госинспектор Варвара Никифорова кыттыыны ыллылар.