Саха сиригэр бу сыл бүтүөр диэри 250-тан тахса тулаайах оҕо уонна көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕо саҥа кыбартыыраларга күлүүстэри тутуоҕа. Тустаах бырагыраама туолуутугар сылын аайы регионнааҕы уонна федеральнайдааҕы бюджеттан үбүлээһин көрүллэр, ол туһунан тутуу миниистирэ Виктор Романов социальнай ситимнэринэн быһа эпииргэ кэпсээтэ.
Тулаайах оҕолорго олорор дьиэ муниципалитеттарынан көрүллэр, кинилэр тутуу министиэристибэтиттэн үбүлээһини туталлар.
«Сылын аайы бу бырагырааманан элбэх үп көрүллэр. 2023 сылга 1 миллиард 300 мөл солк, 2024 сылга регион бюджетыттан 700 мөл солк, федеральнайтан 140 мөл солк көрүлүннэ. Быйыл муниципальнай оройуоннар 256 олорор дьиэни ылар былааннаахтар», — диэтэ Романов.
Миниистир эппитинэн, бу күҥҥэ дьиэ ылыытыгар уочараттаахтар ахсааннара икки тыһыынчаттан тахса. Онон федеральнайдааҕы киини кытта үбүлээһини улаатыннарар туһунан үлэ барар.
Бэлэм баар кыбартыыралары биэриини таһынан, тутуу министиэристибэтэ тулаайах оҕолор иккис ырыынакка дьиэ ылалларыгар эбэтэр ипотекаларын толуйуналларыгар сертификаттары биэртэлиир.