Боруулаах нэһилиэгин олохтооҕо Матвей Матвеевич Юмшанов бааһынай хаһаайыстыбаламмыта икки сыл буолла. Ынах сүөһүнэн дьарыгырбыта бэһис сыла. Быйыл 19 төбөнү кыстатан туруорар, икки убаһалаах.
«Ынах сүөһүнү иитии үлэлээх. Өрөбүлэ суох. Ити эрээри үүт аһыҥ, этиҥ бэйэҕиттэн буолан, дьиэ кэргэн экономикатыгар улахан өйөбүллээх. Оҕолор суоракка, сүөгэйгэ улааттылар, халбаһыы эҥин диэни сии сатаабаттар», — диир улахан дьиэ кэргэн аҕата, Боруулаах олохтооҕо Матвей Юмшанов.
Ааспыт сылтан өссө 12 куурусса ииттэр. Түөрт оҕото сайынын оттоһоллор, ынах ыаһаллар. Улахан уола Костя 11 кылаас, иккис уола Матвей колледжка үөрэнэр. Кэргэнэ Лидия Константиновна хонтуораҕа буҕаалтырдыыр, кыргыттара дьиэ ис үлэтин көрөллөр истэллэр.
Хоту сир көнө ньуурдаах ходуһата аҕыйах, дулҕа сир. Онон боруулаахтар илии хотуурунан охсоллорун ордороллор. Уруккута алталыы туонна оттонор сирдэриттэн быйыл иккилии эрэ ыллыра. Онон Матвей Матвеевич алта килэмиэтирдээх Күпкэ баран 30 туонна оттонно. Кыстыгы этэҥҥэ туоруур, өссө хаһаастаах хааларыгар бигэ эрэллээх.
Хаһаайын тиэргэнин иһигэр элбэх тутуу баар: гараж, олорор дьиэ, хотон, мастарыскыай уонна 9х10 көҥдөйө тутуллубут саҥа дьиэ дьэндэйэр. Тыа сиригэр биир бырысыап мас сыаната 12 тыһыынчаҕа тэҥнэһэр эбит буоллаҕына, Юмшановтар биир кыстыкка 35-40 куб. маһы оттоллор. Хас биирдии тутуу тус-туһунан оһоҕунан сылытыллар. Бэйэтэ МТЗ тыраахтырынан маһын тиэнэр буолан, ороскуота аччыгыйын этэр.
Матвей Матвеевич быйыл саас Татарстантан Камаз, Урал массыыналар, тыраахтырдар носуостарын өрөмүөннүүр ТНВД-станок аҕалбыт. «Дьокуускайга диэри массыынанан аҕалбыппыт, саас манна тиэнэн кэлбиппит. Маны таһынан МТЗ тыраахтары Набережнай Челныттан аҕалыммытым», — диэн улахан сыаллаах соругун кэпсиир.
Бу үүнэр нэдиэлэҕэ «Энергосбыт» үлэһиттэрэ кэлэн мастарыскыай уотун холбоотохторуна, сахаас ылан үлэлиир былааннаахтар. Холобур, өрөмүөннэнэр носуостары улуус киинигэр Баатаҕайга биир сиргэ мунньан өрөмүөннүөхтээхтэр. «Бу былааҥҥа киирбитэ ыраатта. Харчы мунньунан баран саҕалаатым. Эргэ тыраахтырдаах эрдэхпитинэ носуоспутугар олус эрэйи көрөрбүт. Суоппардар эмиэ кыһалҕаланаллар», — диир. Тыа сиригэр аҥардас ынаҕынан, сылгынан эрэ олорор ыараханыттан туһалаах дьарыкка эбии ылсар.
Маны таһынан доҕорунаан Алексей Михайлович Божедоновтыын Челябинскайтан бэрт ыарахан ыйааһыннаах турбалары оҥорор станок аҕалыммыттар, Хабаровскайтан интернетинэн көрөн-билэн, төлөпүөннэһэн турбаҕа аналлаах тимирдэри сакаастаммыттар. Уолаттар суол аһыллыар диэри, идэһэ бүттэ да, ылтаһын тимиринэн, илиистэринэн сакаастары оҥоро турар баҕалаахтар. «Кырыыһаттан ардах сүүрэригэр аналлаах турбалар, буочука, оһох, балааха оһоҕун турбаларын оҥоруохпут. Суол турда да тимир кэллэҕинэ саҕалыахпыт», — дэһэллэр.
Ааптар: Раиса ЧИРИКОВА, Дьааҥы улууһа