Борокуратуура бэрэбиэркэтин кэнниттэн өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур баһаарын сэрэтии үлэлэрин ыытыыга 64 мөлүйүөнтэн тахса солкуобай көрүлүннэ. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи борокуратуура пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
2020 сылга Саха сиригэр 300-тэн тахса киһини кытта кылгас кэмҥэ үлэнэн хааччыйар 19 сайыҥҥы ойуур баһаарын утары охсуһар чаас тэриллиэхтээҕэ бэлиэтэнэр. Ол эрээри өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн бу сыалга 104 үлэһит хамнаһыгар тиийэр үп көрүллүбүт.
Маны тэҥэ айылҕа харыстабылын Саха сиринээҕи авиационнай базатын парашютнай-десантнай баһаарынай сулууспатын уонна кэтээн көрүүлэри ыытар лүөтчүктэрин бэлэмнээһиҥҥэ ирдэнэр сууммаҕа тиийбэт үп көрүллүбүтэ этиллэр.
«Борокуратуура өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын уонна экология министиэристибэтин аатыгар ыыппыт ирдэбилигэр олоҕуран кэһиилэр туоратылыннылар. Кылгас кэмҥэ үлэлиир дьон хамнастарын төлүүргэ уонна айылҕа харыстабылын авиационнай базатын бэлэмнээһиҥҥэ 64 мөлүйүөн солкуобайтан тахса үп көрүлүннэ», – диэн этиллэр.