10 Муус устар 10.04
  • -3°
  • $ 77,84
  • 90,88

Бороҕон – Танда хайысханан суолга 2026 сылга өссө 10 килэмиэтири өрөмүөннүөхтэрэ

11:01, 10 апреля
Хаартыска: Тырааныспар министиэристибэтин МАХ-ханаала
Читайте нас на

Уус Алдан улууһугар Бороҕон — Танда хайысханан суолу оҥоруу салҕанан барар. Ол туһунан тырааныспар министиэристибэтэ МАХ-ханаалыгар суруйда.

Быйыл бэдэрээттиир тэрилтэ «Инфраструктура для жизни» национальнай бырайыагынан 10 килэмиэтирдээх учаастагы өрөмүөннүөҕэ. Иккис түһүмэҕинэн 14 — 24 км кэрчик буолуоҕа.

Саха сиринээҕи суол управлениета иһитиннэрбитинэн, 2025 сыллаахха эбийиэккэ тоҕус уу түһэрэр турба туруоруллубут. Онон тохтоло суох үлэ барыахтаах. Сир үчүгэйдик ирдэ да, бэс ыйыттан күүстээх үлэ ыытыллыаҕа, диэн суруллар иһитиннэриигэ.

Бороҕон — Танда суолга өрөмүөннэниэхтээх учаастак 4 — 32 км диэри, бу Тандаҕа тириэрдиэхтээх, онон уопсай уһуна 28 км.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА