Сыллата ыытыллар дуорааннаах Ыччат баала Уус Алдан Бороҕонугар «Олоҥхо» култуура дьиэтигэр тэрилиннэ. Бу туһунан Өлтөх нэһилиэгин олохтооҕо, кулууп уус-уран салайааччыта Майя Аржакова: «Ыаллыы олорор нэһилиэктэрин дьонун-сэргэтин, эдэр испэсэлиистэрин кытта ыкса доҕордоһон, үлэни-хамнаһы сиһилии билсэн кэллилэр. Билигин бэйэлэрин нэһилиэктэригэр салгыы хайдах үлэлииргэ былаан оҥоһуннулар. Бу күннэргэ лидер талыахтара».
Өлтөх нэһилиэгин ыччата олус көхтөөх. Бары тэрээһиҥҥэ, үлэҕэ-хамнаска куруук инники күөҥҥэ сылдьар. Соторутааҕыта Ыччат баалыгар кыттан, санаалара улаханнык көтөҕүллэн, үлэлиир баҕалара күүһүрэн кэлбиттэр.
Бары сахалыы таҥнан-симэнэн саалаҕа толору мустубут дьоҥҥо нэһилиэктэригэр сыл устата ыыппыт үлэлэрин билиһиннэрбит. Салгыы ыччат түмсүүлэрэ олохторун-дьаһахтарын, үлэлэрин-хамнастарын кэпсиир, сырдатар хаһыаттарын сыаналааһыҥҥа кытыннылар. Ол кэннэ мааны астаах-үөллээх сандалыларыгар өбүгэлэрин аһын-үөлүн хайдах астаабыттарын, иҥэмтиэтин, доруобуйаҕа туһатын кэпсээбиттэрэ ыалдьыттар болҕомтолорун улаханнык тарта.
«Бу бэртээхэй тэрээһиҥҥэ биһиги нэһилиэкпититтэн барыта 14 ыччат кыттыбыта. Иван Окоемов уонна Ольга Колодезникова хотугулуу үҥкүүнү, Юля Говорова бэртээхэй ырыаны бэлэхтээтилэр», — диэн Майя Аржакова салгыы кэпсиир.