22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

"Билим": Василий Соловьев-Болот Боотур романнарыгар сир уобараһа

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, саха норуодунай суруйааччыта Василий Сергеевич Соловьев–Болот Боотур айымньыларыгар Саха сирин историята, омук ураты майгыта дириҥник, сонуннук арыллыытыгар сир уонна киһи икки ардынааҕы сыһыан «Уһуктуу» (1975-1987), «Сааскы дьыбардар» (1971) романнарга уратытык көстөр. Маныаха культуролог Юнг К.Г. чинчийиилэригэр сир архетибын биир сүрүн ис хоһоонноох архетип диэн сыаналыырын бэлиэтиир тоҕоостоох. «Билим» альманах бүгүҥҥү таһаарыытыгар Саргылаана Ноева, филол.н.к., Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар проблемаларын үөрэтэр институт научнай үлэһитин ырытыыта тахсар.


Болот Боотур «Сааскы дьыбардар» уонна «Уһуктуу» романнарыгар икки бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспат эйгэ сырдатыллар. Бу саха уонна эбээн олоҕун көрдөрөр ураты эйгэлэргэ тус ментальнай бэлиэлэр үөскүүллэригэр олох-дьаһах усулуобуйатын, айылҕаны, ландшафт уратытын, итэҕэл көстүүтүн сырдатыы тосхол буолар.

Романнарга саха уонна эбээн омук олоҕун майгыннаспат өрүттэрэ, национальнай-ментальнай ураты бэлиэ буолан хатыламмат көрүҥнэнэр. Онон саха уонна көс омук эйгэтин дьэҥкэрдэр бу романнары икки уус-уран систиэмэ (тиһик) курдук көрөр сөп. «Сааскы дьыбардар» роман Уйаандьы бөһүөлэк дьонун, туундара олоҕун-дьаһаҕын сэһэргиир, оттон «Уһуктуу» ромаҥҥа саха норуотун дьылҕатыгар уустук бириэмэ, XIX-XX үйэлэр алтыһар быыһык кэмнэрэ сырдатыллар.

Эбээн булчута Сэргэчээн Никулин, кини дьиэ-кэргэнэ Уйаандьы бөһүөлэктэн тэйиччи Тааска бүччүмнүк олороллор. Кинилэр олохторун ойуулааһын айылҕа эргиирин, тиэмпэтин кытта сөп түбэһэр. Бу сир – урбанизация тыыныгар оҕустаран эрэр бөһүөлэктэн ыраах быыһык эйгэ. Туундараҕа, айылҕа туонатыгар булчут чуумпу олоҕо бытааннык устар бириэмэҕэ олоҕурар. Аргыый аҕай солбуллан иһэр дьыл эргиирэ хоту дойду киһитин сэмэй, аа-дьуо майгытын арыйарга дириҥ суолталанар. Бултааһыны, табанан, ытынан айаны, араас ритуал толоруллуутун, айылҕа көстүүтүн сиһилии ойуулааһын айымньы тэтимин бытаардар.

Оттон Уйаандьы бөһүөлэк олоҕун-дьаһаҕын, майгытын-сигилитин сырдатыы ураты. Кэм атын тэтимнэнэр, сюжет риитимэ түргэтиир, бөһүөлэк олоҕо дьалхааннаах, аймалҕаннаах. Уйаандьы бөһүөлэккэ хас эмит сылы быһа олохсуйан кэлбит олох укулаата хамсаан, хайдыһыы үөскүүр, Үрэкиин кинээс кыаҕын, күүһүн сүтэрэр – ити курдук хоту дойду киһитэ улам үгэс буолан кэлбит коллективнай өйтөн-санааттан арахсан, тус индивидуальнай толкуйга көһөр.

«Сааскы дьыбардар» ромаҥҥа географическай миэстэ аҕыйахтык ахтыллар. Уйаандьы, Таас, Сүгэһэрдээх хайа, Даһимча аартык, Халлаан Алыы толоон – тиэкискэ көстөр хотугу сир топологията манан бүтэр. Эйгэ маннык абстрактнай хабааннаныыта бу сиргэ-уокка олорор эбээн киһитин киэҥ, көҥүл, тутулуга суох майгытын көрдөрөр.

Тас эйгэ бэлиэтин сүрүннээн

— метереологическай көстүү (роман тиэкиһигэр сотору-сотору уларыйар климат, тымныы, хаар, муус,  буурҕа, силлиэ, үрүҥ түүн, уо.д.а.),

— айылҕа эттиктэрэ (күн, ый, сулус, хотугу дьэргэлгэн о.д.а.),

— ландшафт көстүүтэ (сир, толоон, намтал, туундара, үрдэл, хайа уо.д.а.) арыйар.

Дьиэ (тордох) архетиба ромаҥҥа ураты миэстэни ылар, национальнай космос бэлиэтин көрдөрөр. Чум иһигэр олорор хотугу киһи ийэтин киэлитигэр үөскүүр оҕоҕо (зародыш) тэҥнэниэн сөп. Буурҕа кэмигэр тордох хаар анныгар тибиллэн хааллаҕына, эбээн ыала сир ийэҕэ лаппа чугаһаан кирийэн хаалар. Маныаха эбээн киһитэ бэйэтин төрүт кыылын быһыытынан билинэр тотема Торгани – эһэ – саас аайы сир анныттан тахсара (а.э. ийэ сир киэлититтэн иккистээн төрүүрэ) бу этиини эмиэ бигэргэтэр курдук.

Көс олохтоох омук ыстаадатын кытта биир айылҕа чааһын курдук көрүллэр – халлаан уларыйыытыттан, ыстаада наадыйыытыттан тутулуктанан кини олоҕун эргимтэтэ уларыйар. Хотугу киһи  олоҕор ыкса ситимнээх кыыллары, ыты, табаны, кытта биир кэлим организм буолар. Эбээҥҥэ кини иитэр кыыла, табата – доҕоро, көлөтө, дьиэтэ, таҥаһа, аһа – сыалай космос уобараһа буолар.

«Сааскы дьыбардар» ромаҥҥа ойууланар хотугу олох эйгэтин горизонтальнай хайысхалаах, динамикалаах эйгэ диэххэ сөп. Ыт, таба көлөнөн айан кэмигэр киһи сиргэ балачча чугаһыыр. Чуумҥа олохтоох хотугу киһи сиргэ олорон аһыыр, сиргэ сытан утуйар үгэһэ кини сиргэ дэбигис чугаһын эмиэ бэлиэтиир.

Хотугу киһи айана балысханнаах, кэлиилээх-барыылаах. Нэлэмэн туундара айаҥҥа хас сырыы аайы араас хайысхаттан арыллар, ураты, сонун көрүҥнэнэн иһэр. Дохсун айаҥҥа сылдьар киһи хараҕын далыгар киирбит көстүү ордук кэҥиир, ландшафт хас сырыы аайы саҥалыы сиэдэрэйдэнэн арыллар. Ол гынан көһө сылдьар коллектив бэйэтин кытта дойдутун илдьэ сылдьар буолан, кини саха курдук биир пространствоттан тутулуктаммат. Көс омукка сир диэн төрүт сир буолбатах, түмүгэ көстүбэт, таҥара эрэ бас билэр куйаара буолар.

Ити курдук кэм уонна эйгэ сыһыана хотугу хронотопка чопчута суох. Киһи миэстэҕэ сыстыбат, бириэмэ эмиэ миэстэттэн тутулуктаммат. Эбээн эйгэтэ космическай, абстрактнай, онон көс олохтоох эбээн мифическай толкуйу илдьэ сылдьааччы быһыытынан көстөр. Ол курдук көс омукка айылҕаны бастааҥҥы уонна модун күүс быһыытынан ылынар үгэс айылҕа (Ийэ) уонна норуот (оҕо) диэн сыһыаҥҥа арыллар.

Хоту тарҕаммыт кыыл-көтөр культа киһи икки – антропоморфнай уонна зооморфнай – айылгылаах диэн өйдөбүлгэ олоҕурар. Ол да иһин роман тиэкиһигэр кыыл аҥаардаах дьон, Чучунаа туһунан номох, ийэ кыыл, Торгани, Тэрге, Эһэ туһунан остуоруйа хото киллэриллибиттэр.

Суруйааччы тас эйгэни: айылҕаны, сири, тыаны, хайаны, туундараны – ойуулаан, климат уратытын сэһэргээн, кыыл-көтөр, от-мас эйгэтин сонурҕаан, киһи ис туругун, психологическай мэтириэтин оҥорорго туһанар, ол хотугу киһи кэрэ диэн өйдөбүлүн критерийдэригэр сөп түбэсиһэр. Холобура, киэҥ нэлэмэн ыраас маҥан хаарынан бүрүллүбүт туундара – ыраас, нарын-намчы кыыс Аанча таптыыр эйгэтэ. Бэрт холку эрээри, дохсун санаалаах Сэргэчээн булчут быһыыта-таһаата эмиэ да чуумпу, эмиэ да өксүөннээх хотугу сир майгытын кытта ханыылаһар.

Ити курдук хотугу көс олоҕу сырдатар «Сааскы дьыбардар» ромаҥҥа сиргэ, дойдуга сыһыан мифологическай толкуйу кытта ыкса ситимнэнэр. Сир ытык (хамсаабат, тыытыллыбат, уларытыллыбат) өйдөбүллээх, ол да иһин хотугу киһи Сэргэчээн айылҕаны кураанахха хамсатартан, аймыыртан, ытыалыыртан, тыаһыыртан дьаахханар.

Саха эйгэтэ хотугу көс хронотоптан таһыччы атын. «Уһуктуу» трилогия-ромаҥҥа сиргэ-уокка, дойдуга сыһыан олох туспа. Саха эйгэтин биир уратытын быһыытынан саха киһитэ олорор сирин-уотун уларытыыта, сир маҥнайгы көрүҥүн алдьатан, бэйэтин олоҕор сөптөөх гына кубулутуута ойууланар. Сири оҥорооччу (земледелец) – уларытааччы. Ол да иһин роман тиэкиһигэр сири ньуурун уларытар араас үлэ, сири хорутуу, бурдугу хомуйуу, оттооһун, муҥха, куйуур, күөлү көһөрүү туһунан дириҥэтэн, кэҥэтэн суруйуу үгүс. Уопсайынан, бу ромаҥҥа сир уустук боппуруоһа айымньы идеятын иилиир-саҕалыыр диэхпитин сөп.

Сир географическай өйдөбүл быһыытынан олох-дьаһах тэриллэр миэстэтин быһыытынан өйдөнөр. Ону ааһан религиознай-культурнай араҥаҕа эмиэ киэҥ суолталанар. С.К. Колодезников этэринэн, «для обыкновенного созерцателя географическое пространство выступает в двух ипостасях: непосредственно как физическое строение и как явление трансцендентального мира. Они выступают в диалектическом единстве как органическое целое, как взаимодействие противоположностей самого мира вещей, предметов и явлений»[1].

«Уһуктуу» ромаҥҥа сиргэ-дойдуга бигэтик олохсуйан олоруу, сирдээх-уоттаах буолуу улахан суолталаах. Ромаҥҥа сири оҥоруу культа, сиргэ сыһыаннаах араас проблеманы быһаарар кыһалҕа киэҥник сиһилэнэр. Айымньыга сири уларытыы киэҥ хабааннанар: сир айылҕа бастааҥҥы көрүҥүттэн кубулуйан, култуурунай эйгэ хаачыстыбатын ылынар: сири оҥоруу, тиэрии, бурдук ыһыыта, оттооһун, сир үллэһигэ, балыктааһын, Халаҥаатта эбэни көһөрүү уо.д.а. – киһи олоҕун хаачыстыбатын тупсарар үлэ хабааннаахтык ыытыллар.

Киһи тутулуга суох майгыланыыта сиргэ сыһыаныттан тутулуктаах. Эбээн киһитигэр тэҥнээтэххэ, урааҥхай саха сири оҥорор, алдьатар, бастааҥҥы ландшабын уларытар-тэлэритэр. Кини айылҕаттан баһылыыр, туһанар, көннөрөр кыахтаах. Саха өйдөбүлүнэн, сир куруук уларыйа, уларытылла турар.

Хотугу көс омук олоҕуттан саха геотопикатыгар бытовой эргимтэ, мал-сал эйгэтэ толору уонна ураты көрүҥнээх. Суруйааччы олоҕу-дьаһаҕы, туттар малы-салы, дьиэни-уоту олус сиһилии ойуулуур. Киһини тулалыыр бу предметнэй эйгэни «түөлбэ» (нууччалыы эттэххэ, «освоенное пространство») диэн өйдөбүлгэ түмүөххэ сөп. Онон бу романынан сирдэтэн саха эйгэтин сааһыламмыт пространство диибит. Саха олоҕун-дьаһаҕын киинниир, кини эргимтэтин ортотугар турар сэргэ (Аал-луук мас уобараһа) эмиэ биир миэстэҕэ чопчуланыыны бэлиэтиир. Сахалыы алаас эйгэтэ ромаҥҥа сүрүннээн балаҕан, ураһа, сэргэ, күөл, ходуһа, тыа-ойуур өйдөбүллэринэн бэриллэр уонна биир сиргэ лоп-бааччы олоҕу көрдөрөр.

Хотугу көс олох хартыынатыттан уратыта диэн саха эйгэтэ туруору (вертикальнай) хайысхалаах. Суруйааччы ордук табан, ымпыктаан ойуулуур сүрүн объектара үөһэ дьулуһар хайысхалаахтар: ураһа, балаҕан, сэргэ туруору тутуулар; көмүлүөк, самовар буруолара үөһэ унаарыйаллар; олоппос, остуол, наара орон киһини сиртэн тэйитэр, үрдэтэр аналлаахтар. Аты айааһаан миинэр киһи – эмиэ сиртэн өндөйө сатыыр уобарас.

Тас эйгэ рельеф, пейзаж киэҥ көстүүтүнэн эрэ муҥурдаммакка, киһиэхэ быһаччы сыһыаннаах мал-сал, олох-дьаһах төгүрүмтэтин ойуулаан, суруйааччы аргыый аҕай саха олоҕо социализацияланыытын, о.а. урукку курдук халандаар (айылҕа хаамыытын, сири оҥоруу бэрээдэгин) циклынан муҥурдаммакка, сэбиэскэй дойдуга буолар социальнай-общественнай уларыйыылар тэтимнэригэр киирэн эрэрин көрдөрөр.

Ромаҥҥа сир-дойду аатын биэлиэтээһин олус киэҥ. «Сааскы дьыбардар» ромаҥҥа холоотоххо, бу айымньыга сүүсчэкэ топоним ахтыллар. Халаҥаатта, Талбаарытта, Туоллаҥа, Чуораайы диэн ааттар олоҥхо сиригэр-уотугар көстөр сакральнай ааттарга хабаатталлар. Халаҥаатта күөл роман хронотобугар сүрүн миэстэни ылар, сакральнай топос статустаах. Ол Иһиччит Ньукулай эбэни уруйдаан-айхаллаан ыллаабыт ырыатыттан да сэрэйиллэр.

Сир-дойду чуолкай аатын-суолун ыйан, суруйааччы саха киһитин сиргэ сыһыарар, сиртэн тутулуктааҕын, геоцентрическай көрүүлээҕин бэлиэтиир. Норуот тылыгар олохсуйбут «буор саха» (сиртэн үөскээбит саха, «дьиҥ саха») диэн ситим маныаха бөлөһүөктүү хабааннанар. Сиргэ ордук чугас, норуоттан тахсыбыт уобарастарга сыһыаннаан бу өйдөбүл суолтата дириҥиир. Ол курдук сиргэ-буорга сыһыаннаах үлэлэр: сири хорутуу, бурдук олордуу уонна быйаҥ ылыы, хомуйуу – олох салҕаныытын, төрөөһүн, силигилии чэчирээһин курдук өйдөнүөн эмиэ сөп.

Бэлиэтээн аһарбыппыт курдук, сирдиин ситим ураты айылгы, талыллыбыт, уһулуччу киһи бэлиэтэ буолар. Сиргэ чугас герой ураты күүстээх, киниэхэ сир ийэ айар-тутар дьикти кыаҕа бэриллэр.

Ромаҥҥа персонаж тиһигэр сүрүн миэстэни норуот эстетическай идеалын, кутун-сурун тута сылдьар киһи Иһиччит Ньукулай ылар. Иһиччит, кини кэргэнэ Огдооччуйа, уоллара Силис Куонаан дьикти геройдар. Сиртэн тимир руданы булан уһаарар эриэккэс дьарыктаах, мастан, алтантан иһит оҥорор сатабыллаах Ньукулайы, кини кэргэнэ, туой маастара Огдооччуйаны айааччы таһаарааччы (творец) функциятын баһылаабыт геройдар диэххэ сөп. Кинилэр туһанар атрибуттара, тимир, мас, туой, туос – бу сир бэлиэтин илдьэ сылдьар, сиртэн ылыллар матырыйааллар.

Силис Куонаан аата төрдү-ууһу, төрүт буору кытта ыкса ситими бэлиэтиир. Кини туһунан аҕата «Этэ-хаана ситэн, уҥуоҕунан намыһах соҕуһун иһин, сиргэ чиҥник тирэнэн, үлэлии турарын көрдөххө, кырдьык, киһи хараҕа туолар киэптээх. Чэ, этэҥҥэ сырыттаҕына харытынан ииттэр киһи буолаа ини. Оҕом “Силис” силис курдук, сиригэр-буоругар көмүллэн, сиртэн ылар сиигиттэн-симэһиниттэн туһаммакка, атыттар умнастарын улаатыннара, лабааларын соното, сэбирдэхтэрин силигилэтэ, мутуктарын муҥутата сылдьыах бэйэтэ буоллаҕа…», — диэн чопчу характеристиканы биэрэр (роман иккис кинигэтэ, С. 25).

Иһиччит Ньукулай – талааннаах ырыаһыт, олоҥхоһут, ураты куттаах-сүрдээх айааччы. Кистэлэҥ чараас эйгэни кытта алтыһар бу дьон, олоҥхоһут, тимир, туой ууһа буолан, Ньукулай, Огдооччуйа айылҕа, сир стихиятыгар сыһыаннаахтар, онон кинилэр култуурунай демиург-геройдар кэккэтигэр чугастар.

Роман персонажтарын тиһигэр икки аҥыы өрүт (бинарность) өйдөбүлэ биллэр суолталаах. Ол курдук роман эр дьон-персонажтара, уобарастаан эттэххэ, сиртэн-буортан төрөөн-үөскээн тахсыбыт, бары даҕаны толуу көрүҥнээх дьон – Томороон Ньукулай, Силис Куонаан, Сомоҕоллой, Боһомо кулуба, Суон Бүөтүр, Сабардам Тэрэнтэй, Үскэм Өлөксөй, Лис Бүөтүр уо.д.а. күүһү-уоҕу, ымыттыбат, хамсаабат туругу көрдөрөллөр. Персонажтар ааттарыгар даҕаны сир ийэ муҥураабат күүһэ таайыллар курдук. Онон кинилэр нөҥүө сир уобараһа сирэйдээн (персонификация) көрдөрүллэр диэххэ:

Боһомо – «Ордук бөдөҥ, улахан, толору көстүүлээх» («Особенно крупный, большой, видный» или «большими кусками, глыбами или в большие куски, глыбы») (Большой толковый словарь якутского языка. Новосибирск: Наука, 2005. Т. 2.);  Сомоҕоллой – от сомоҕо «арахсыспакка, бытарыйбакка, бүтүннүү кэлим сылдьар (туох эмэ модьуну, кэлимсэни этэргэ)” (цельный, неотделимый, нераздельный (о чем-л. крупном)) (Большой толковый словарь якутского языка. Новосибирск, Наука, 2011. Т. 8.); Сабардам – «туох эмэ улаханнык (устатынан, туоратынан уонна үрдүгүнэн бүтүннүү) сабардыыр кээмэйэ, тилэри киэбэ», от сабардаа – «киэҥ сири (улахан миэстэни) ыл, былдьаа» (занимать собой много места, большую площадь, территорию) (БТСЯЯ, Новосибирск, Наука, 2011. Т. 8); Суон – «туоратык төгүрүччү мээрэйинэн улахан” (толстый), “Сүдү, сүҥкэн, улахан” (Огромный, значительный) (БТСЯЯ, Новосибирск: Наука, 2012. Т.9); Томороон – «модороон, салаҥ оҥоһуулаах» (простой, лишенный изящества, топорный), «нарына суох, улахан» (грубый), «модьу, толуу» (большого размера, внушительный) (БТСЯЯ, Новосибирск: Наука, 2013, Т. Х).

Дьахтар уобараһа айымньы тиһигэр бэлиэ миэстэни ылар. Роман дьахталлара (бары даҕаны!) ХIX-XX үйэтээҕи саха дьахтарын типическэй уобараһыгар соччо-бачча сөп түбэспэт эрээри, бииртэн биир чаҕылхайдар – Дьэбдьиэ Кырбыйдаанаба, удаҕан Маарыйа, Тумара Киргиэлэйи ʻʻиирдэр” Фатихатта татарка, атыыны-эргиэни, дьону-сэргэни да табыгастаахтык салайар Агриппина Кушнарева хотун, куоракка олохсуйа охсор түргэн-тарҕам быһаарыныылаах Саввишна уо.д.а. персонажтар күүстээх, тутулуга суох, айылҕа күүһүн, салгыны, уоту кытта хабааннаах гына ойууламмыттар.

Эр дьон монументальнай, модьу-таҕа буоллахтарына, кинилэр утары айылгылаахтар – мээнэ киһиэхэ өйдөммөт, таайыллыбат, уот татакай майгылаахтар. Суруйааччы кинилэр абылыыр, таайтарар сатабылларын, угуйар-умсугутар дьүһүннэрин-бодолорун олус табан сиһилиир – ромаҥҥа көстөр дьахталлар күүстээх эротизированнай персонажтар диэххэ сөп.

Дьахтар – айымньы ис кыаҕын тута сылдьар толору уобарас. Маныаха роман матырыйаалыгар киирбит Болугур Айыытын туһунан киллэһик-тиэкис (нарратив) сонун ис хоһооннонор – общество сокуоннарыгар бэриммэтэх хоодуот дьахтар туһунан сэһэргиир бу киллэһик айымньыга дьахталлар тутулуга суох характердарын өссө төгүл бэлиэтиир, бигэргэтэр аналлаах. Обществоҕа олохсуйбут өйү-санааны кытта мөккүһэртэн чаҕыйбат Дьэбдьиэ Кырбыйдаанаба сюжета бэрээдэк утары баран кэхтибит Болугур Айыытын уобараһын утарар диэххэ сөп.

Кырбыйдаанаба инфернальнай уобараһыгар айылҕа күүһэ, уот стихията майгылыыр, ол да иһин Тэрэнтэй Сабардам түүлүгэр Дьэбдьиэ уот сүрдэнэн көстөр, кутталы, ыксалы, ыһыллыыны кытта ханыыланар: «Туох муода түүлэй? Бэйи, хайдах-хайдах этэй? Туоллаҥа хотонноох балаҕаныгар баарга дылы. Иннигэр Дьэбдьиэ Кырбыйдаанаба турар. Кыыһырбыт көрүҥнээх, тымныытык батары көрөр, кытаанахтык чаҥкыначчы саҥарар: “Хотон тымныйда, киһилиин-сүөһүлүүн бары тоҥон өлөөрү гынныбыт, сылытыахха”, — диир, эргиллэ биэрээт, сыгынньах илиитинэн оһохтон икки умайа турар хардаҕаһы харбаан ылар уонна хотон диэки дьулуруйар. Оҕонньор хаһыыра түһэр: “Туох буоллуҥ, иирдиҥ дуо?!” диэт, эккирэтэн батыаккалыыр. Ол икки ардыгар хотон ортотугар кутаа кытыастар, бокуойа суох, өрө күлүбүрээн тахсан өһүөлэри салыыр. Ыыс-быдаан иһигэр, мөхсө-мөхсө, сүөһүлэр орулаһаллар. Оҕонньор: “Сиэхсиит!”- диэн үөгүлээбитинэн, Дьэбдьиэ баттаҕар түһэн эрдэҕинэ, холлоҕос саҕа уот төлөнө сирэйигэр сабыта биэрэр. «Умайдым! Өллүм!»- дии санаан уһуутаабыт хаһыытыттан уһуктан кэлбитэ, сүрэҕэ бүллүргэччи тэппит, көлөһүнэ “сарт” түспүт» (роман иккис кинигэтэ, С. 19-20).

Дьэллэм Дьэбдьиэ толкуйун, санаатын, баҕатын бэйэтэ да чопчулаан быһаарбат: «Оттон эмискэ, айдаан турбут сураҕын истээт, Дьэбдьиэ тоҕо эрэ олус өрүкүйбүтэ, наһаа тэһииккээбитэ. Биир кыараҕас балаҕаҥҥа олорон тыына-быара хаайтарыах, тэһийиэ-тулуйуо суох курдук буолбута, өйө-санаата, кута-сүрэ курдаттыы ханна эрэ ыраахха, туох эрэ улахаҥҥа тардыспыта, дьалхааннаах киэҥ сир, далааһыннаах күргүөм олох, киһи-сүөһү угуйарга дылыта. Дьэ, ол иһин, хайаан даҕаны куоракка киирэр биир бигэ санааны ылыммыта»[2]. Маннык көҥүл, дьэллэм, чэпчэки майгы Саввишнаҕа эмиэ көстөр. Кини аттакылартан уол оҕону иитэ ыла охсор, соннук түргэнник оҕону быраҕан куораттаан хаалар.

Дьэбдьиэ социальнай балаһыанньатыгар сөбө суох сытыы, толлугаһа суох майгыта, мындыр өйө, кырасыабай сэбэрэтэ Тэрэнтэй Сабардамы, уоруйах Халлай Хабырылланы, улуус кулубатын Боһомону, атыыһыт Суон Бүөтүрү, политсыылынай Василий Курнатовскайы эмиэ да салыннарар, эмиэ да кэрэхсэтэр. Кини огдообо статуһа тутулуга суох, кими да билиммэт хоодуот майгытын ордук чопчулаан биэрэр.

Дьахтар обществоҕа олоҕурбут бэрээдэги ыһар, аймалҕаны таһаарар күүһү биэлиэтиир. Хаос (ыһыллыы) төрдө-ууһа дьахтартан ситимнээҕин удаҕан Маарыйа, Дыгыйа уобарастара эмиэ ыйар. Ол курдук Маарыйа удаҕан күөл иччитин көрөр дьикти түүлэ, Халаҥаатта эбэ кытылыгар кутуруута эбэни көһөрөрү утарсар айдааны, норуот айманыытын күөдьүтэр. Ромаҥҥа сүрүн сюжет буолбут «Халаҥаатта дьыалатын» төрдө буолар. Айымньыга биир колоритнай уобарас Тайҕа Батараак кэргэнэ нанай кыыһа Бэрт Бэйээнчэ (Бианче – нанаайдыы «Ый Кыыһа» диэн суолталаах тыл) дьоҥҥо-сэргэҕэ күүстээх удаҕан диэн биллэр эбит.

Дьэбдьиэ Кырбыйдаанаба ыйыытыгар-кэрдиитигэр киирбит Тумара Киргиэлэй эр киһиэхэ дьүөрэтэ суох сэлээр, эмоцияҕа бэринимтиэ, быһаарыныыта суох сымнаҕас майгытын ол иһин да өйдүөххэ сөп. Кэргэнин туһунан Дьэбдьиэ маннык бэрт сөпкө этэн аһарар: «Кини курдук куттас киһи оннукка-манныкка кыттыа суохтаах этэ» эбэтэр «Төрүт чэпчэки киһи туохха эмэтэ умньаспыта чуолкай», «Оттон Киргиэлэй куттаҕас муҥнаах, саа тутан кыргыспатаҕын иһин тугунан эмэтэ кинилэргэ көмөлөспүт буолуохтаах».

Тиэкискэ дьоһун суолталаах персонаж – Ньургун Кырбыйдаанап. Киниэхэ ийэтэ Дьэбдьиэттэн олоххо дьулуур күүһэ бэриллэр – дьахтар энергията эр киһи энергиятыгар, эргэ күүс саҥаҕа кубулуйар. Роман тиһигэр Ньургун уобараһа хара маҥнайгыттан сүрүн суолталаммыта дьэҥкэ – айымньы саҕаланыытыгар оҕо төрөөһүнүнэн саҥа үйэ киһитэ кэлбитэ бэлиэтэнэр.

Ромаҥҥа сибэтиэй сир өйдөбүлүттэн, норуоттан тахсыбыт талыллыы (избранничество) туһунан идиэйэ чаҕылхайдык арыллар. Улахан сиртэн үүрүллүбүт политическай сыылынайдар Курнатовскай, Лев Теслер, Кудрин, Розенталь, Никифоров, Теплов, Жук, Лейба уо.д.а. Саха сиригэр, тоҥ муус дойдуга, решетката суох түрмэ диэн аатырбыт кыраайга, кэлэн, бу сир саҥа саҕахтарын арыйаллар. Кинилэр үөрэҕи тарҕатар, сири оҥорорго саха дьонун сыһыарар, араас чинчийиини ыытар үтүө идэлэрэ бу дьон хотугу сиргэ иккистээн тиллибиттэрин, өй-санаа, дууһа тургутуутун ааспыттарын бигэргэтэр.

Мантан сиэттэрэн сири кытта ситим икки өрүттээхтик көрүллүөн сөп. Биир өттүнэн, ытык сир муҥутуур күүһүттэн тиксэн, саҥа кыаҕы, дьоҕуру, сонун көрүүнү, «иккис тыыны» арыйыы – бу политическай сыылынайдар олохторугар-дьаһахтарыгар, үлэлэригэр көстөр. Иккис өрүт ийэ сири кытта ситим быстыытын, муҥурданыыны бэлиэтиир. Ону арыйар ис хоһоонноох матырыйаал, аттакылар туһунан бэрт интэриэһинэй киллэһик ромаҥҥа баар. Киһи сиртэн (ийэ айылҕатыттан) тэйиитэ майгы-сигили сатарыйыытын бигэргэтэр. Саха түөлбэтиттэн тахсыбыт модьу-таҕа эр дьоҥҥо (Силис Куонааҥҥа, Томорооҥҥо, Сомоҕоллойго, Сабардамҥа уо.д.а.) тэҥнээтэххэ, аттакы-эр дьон дьахтардыҥы быһыылаахтар-майгылаахтар: «Сорох эр дьоннор дьахтар курдук тутталлар-хапталлар, бытыктара суох, баттахтара ньалҕаарыччы тарааныллыбыт. Биир дьахтарга маарынныыр, уһун, ньылбаархай кубаҕай сирэйдээх, култайбыт истээх үрдүк киһи, сымнаҕастык күөгэлдьийэн кэлэн киирбит дьоҥҥо: — Эһиги, баһаалыста, итиннэ сыҕарыйыҥ, — диэт, муннук диэки ыйда уонна аан аттыгар туран, адьас уончалаах оҕо хаһыытаан эрэринии, кэһиэҕирбит күөмэйинэн ньааҕынаата (…)». Кинилэр оҕолонору бобор дьикти абыычайдара (эр дьон төрүүр-ууһуур уорганнарын быстарар дьулаан эппэрээссийэни ааһаллар эбит) төрүүр-ууһуур, олоҕу салгыыр, чэлгитэр сир ийэттэн тэйии матыыбын арыйар.

Урукку кыаҕын, былааһын сүтэрэн эрэр Тэрэнтэй Сабардам сир үллэһигэр кыайтарыылаах хаалар. Тумара Киргиэлэй сири сатаан тиэрбэтэ кини силиһэ-мутуга суох, маргинальнай киһи буоларын дакаастыыр. Ол аата сири кытта ситими сүтэрии герой олох олорор кыаҕа мөлтөөн эрэрин, эстиини бэлиэтиир буолуон сөп.

Сир – обществоны уларытар, хамсатар, кини иерархическай бэрээдэгин сааһылыыр күүс. Онуоха бу боппуруос нөҥүө роман проблематикатын биир өрүтэ – социальнай проблема күөдьүйэн, чопчуланан кэлэр. Ромаҥҥа дьадаҥы-баай, революционердар, ыраахтааҕы былааһын икки ардыларыгар сыһыан ордук сытыытык арыллар. Ол конфликт эмиэ, биллэн туран, сири былдьаһыы, кыраныыссаны үллэстии, эйгэни баһылааһын уонна саамай сүрүнэ, киһи бэйэтин анал миэстэтин булунуута диэн тиэмэлэри тумнубат.

Сир саҥаттан төрөөһүнэ, дьүһүн кубулуйуута (хамсаабат, ымыттыбат сиртэн ытык сир буола уларыйыыта) олоҕу, сайдыыны кытта атылыы үйэлээх буолуу (вечность) өйдөбүлүн кытта ситимнэнэр. Киһи сиргэ-уокка, чопчу миэстэҕэ сыһыана кини Ийэ сирдээх (Родина), Аҕа дойдулаах (Отчизна) буоларын туоһулуур. Онон роман идеята, омос көрдөххө, кыараҕас проблематтан саҕаланан, национальнай проблематика буола кэҥиир.

Ити курдук саха чулуу суруйааччыта В.С. Соловьев-Болот Боотур айымньылара омук уратытын, киһи кэрэтин, киһи аналын туһунан дириҥ толкуйга аҕалар, үөрэтэр-иитэр, умсугутар дьикти күүстээхтэр. Болот Боотур романнара саха литературата сайдыытыгар суолталара улахан. Поэтика өттүнэн күүстээх, омук менталитетын арыйар дьиктилээх буолан, ааҕааччыны да, чинчийээччини да умсугутуохтарын умсугуталлар, саҥаттан саҥа ырытыыны, көрүүнү үөскэтэ, өйү-санааны долгута, күөдьүтэ туруохтара диэн эрэл улахан.

[1] Колодезников С.К. Категории традиционной культуры якутов: пространство, время, движение // Духовная культура в жизни этноса. – Якутск, 1991. – С. 15.

[2]  Соловьев В.С.-Болот Боотур. Уһуктуу: Роман. – Якутск: Кн. изд-во, 1987.  – Кн. 3. (на як.яз.) – С. 397.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА