Биэс уонна онтон элбэх оҕолоох 100-тэн тахса ыал быйыл саҥа дьиэлэниэ. Өрөспүүбүлүкэ хааһынатыттан урукку дьыллардааҕар хас да бүк элбэх – 350 мөлүйүөн солкуобай тыырылынна. Манна тиксибит элбэх оҕолоох ыал кыбартыыра атыылаһыан эбэтэр дьиэ туттуон сөп.
Оттон социальнай төлөбүр суумата дьиэ кэргэҥҥэ төһө киһи баарыттан тутулуктаах, ортотунан 2,5 мөлүйүөнтэн 5 мөлүйүөн солкуобайга диэри халбаҥныыр.
“Биһиэхэ, элбэх оҕолоох тыа ыалыгар, олус улахан көмө. Биһиги 3 мөлүйүөн 100 тыһыынча солкуобайдаах сертификаты ылбыппыт. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлүтүгэр олоробут, гаастаах чааһынай дьиэлээхпит. Быйыл Төҥүлүттэн биэс ыал маннык сертификаты ыллыбыт”, – диэн алта оҕолоох ыал ийэтэ Марианна Шаринакэпсээтэ.
Источник: http://nvk-online.ru