Кэнники биэс сылга Арассыыйаҕа тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларын ахсаана 14% аҕыйаата, онуоха фермер хаһаайыстыбатын орто кээмэйэ 1,5 төгүл улаатта. Бу туһунан 2021 с. тыа хаһаайыстыбатын биэрэпиһин түмүгүнэн, ыытыллыбыт пресс-конференцияҕа Росстат салайааччытын солбуйааччы Игорь Васильев иһитиннэрдэ, диэн БизнесOnline суруйар.
«2016 сылга тэҥнээтэххэ, бааһынай хаһаайыстыбалар ахсааннара 15% улааппыт. Тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин өлүүлэрэ 2% аҕыйаата, личнэй көмө хаһаайыстыбалар ахсааннара — 10%. Бу хаһаайыстыбалары бөҕөргөтүү үлэ түмүгэ», — диэтэ кини.
«Тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ баар сир 91% туһаналлар, 2016 сылга бу көрдөрүү 89% тэҥэһэр этэ. Бааһынай фермердэр-94%, 2016 сылга тэҥнээтэххэ 2 %- нан үрдээбит», — диэтэ Васильев.