23 Сэтинньи 23.11
  • -23°
  • $ 102,58
  • 107,43

«Бичик» саҥа кинигэлэрэ

18:07, 10 января 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саҥа үүммүт 2017 сылынан бары ааҕааччыларбытын истиҥник эҕэрдэлиибит. Олоххо-дьаһахха, үлэҕэ-хамнаска, үөрэххэ-билиигэ ситиһиилэри баҕаран туран, саҥа кинигэлэр атыыга тахсыбыттарын туһунан иһитиннэрэбит. 


Былдьаама, дьылҕам, тапталбын. Сэһэн, кэпсээннэр. Ааптар Айталина Никифорова.

«Оскуолаҕа бииргэ үөрэнэр оҕолоро үчүгэйи-куһаҕаны ситэ араара илик кэмнэрэ буолан, туораталлара. Сөптөөх көрүүлээҕэ, түптээх олохтооҕо буоллар, Таанньа үөрэҕэр үчүгэй буолуохтаах этэ. Ону көрүүтэ-истиитэ суох, сыыс от курдук улаатан эрэр кыыс аанньа үөрэммэт, уруоктарын көтүтэр буолан, мөлтөхтөр ахсааннарыгар сылдьара. Кини оскуолаҕа барыан да баҕарбат этэ. Туох аанньа буолуой, оскуолаҕа киирдэ да, оҕолор күлүү-элэк оҥостубутунан бараллара, мааны кыргыттар тарбахтарынан ыйа-ыйа сиилииллэрэ. Кыыс хайдах эмит гынан оскуоланы бүтэрбит киһи диэн санаалаах сылдьыбыта. — Пахайбыан, бу көрүҥ эрэ Таанньаны. Хаатыҥкатын наскыта суох кэппит! — биир күн физкультура уруогар бэлэмнэнэн таҥастарын уларытта сырыттахтарына, Лена диэн кылаастарын бастыҥ үөрэнээччитэ, кырасаабыссата сирэйин мырдыччы тутта-тутта улахан баҕайытык саҥарда …» Салгыытын Айталина Никифорова «Былдьаама, дьылҕам, тапталбын» диэн саҥа кинигэтигэр аах.

«Остуоруйа уонна история»: поэмалар. Иван Горнай. Талыллыбыт айымньылар Бастакы том.

Орто дойду олоҕун, хоһоон кэрчиктэригэр батаран, уус-уран тылынан чочуйан, түөрт уон поэма нөҥүө көрдөрбүт. Бу «Остуоруйа уонна история» диэн кинигэҕэ ааптар история кэрчиктэрин ырылхайдык хоһуйбут, урааҥхай саха иннигэр турар сытыы боппуруостары таарыйбыт.

Айымньылар ааҕааччы билиитин хаҥатыахтара, ис санаатын байытыахтара, эдэр киһи олоххо сөптөөх суолу таларыгар сүбэ-ама буолуохтара.

Адьырҕа кыыл кэпсээнэ. Сэһэннэр. Илья Баишев.

Халыҥ тайҕа, хара тыа муҥур баһылыга тыатааҕы кырдьаҕаһы утары ким көрүөй, кини бэйэлээҕи, ама, хайа булгуруйбат модун санаалаах, сылайбат сындааһыннаах, эстибэт эрчимнээх боҕутуннарыа буоллаҕай?! Кини — аар айылҕа маанылаах оҕото, бу сиргэ көҥүл көччүйэргэ, табытынан сылдьарга ананан үөскээтэҕэ эбээт. Эбэтэр, оннук буолбатах дуу…

СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Илья Баишев «Адьырҕа кыыл кэпсээнэ» уонна «Этиллибэтэх кэс тыл» сэһэннэригэр орто дойду олоҕун очурун-чочурун, илин түсүһүүтүн, күөн көрсүүтүн хомоҕойдук ойуулуур. Ааптар ураты, сонун тыла-өһө, соһуччу холооһуннара, тэҥнэбиллрэ ааҕааччыны тардар, умсугутар дьикти алыптаахтар. Кинигэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.

Сэлиичээнниин суоттуохха. Эбии дьарык тэтэрээтэ. Анна Корякина.

Оҕо кыра эрдэҕиттэн толкуйдуур, суоттуур, дакаастыыр дьоҕурдарын сайыннарарга аналлаах саҥа көрүҥнээх садаачалар бэрилиннилэр. Сорудахтар судургуттан саҕалаан, хас дьарык аайы сыыйа уустугураллар. Оҕо кыаҕыттан көрөн, таһымын үрдэтэн иһэрин ситиһиэхтээх. Сынньалаҥҥа — Сэлиичээнтэн сорудахтар.

Төрөппүттэргэ, алын кылаас учууталларыгар ананар. Эһиэхэ анаан кинигэ кэннигэр Эйлер методикатын сүрүн ис хоһооно, өйдөбүлэ бэриллэр.

Маҕаһыыннар аадырыстара: Дьокуускай к., Курашов уул., 24 (Профсойуус дьиэтэ), тел.: 89142730602, Орджоникидзе уул., 31 (Бэчээт дьиэтэ), кууһунан атыылыыр киин: 500-156, 500-157

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар