1928 сыллаахха Украинаҕа сахаттан бастакы лүөччүк Алексей Торговкин саахалга түбэһэн өлбүт. Кини 1898 сыллаахха Өлүөхүмэ Кыыллааҕар төрөөбүт. 1920 сыллаахха Дьокуускайга хомсомуолга киирбит. 1923 сыллаахха лүөччүктэри кытта билсиитин түмүгэр, авиациянан үлүһүйбүт, Кыһыл Салгын флотун Байыаннай түөрүйэ оскуолатыгар киирбит. Борисоглебскайдааҕы Салгын кыһыл флотун Иккис байыаннай лүөччүктэр оскуолаларыгар 4 сыл үөрэммит. «Үөрэнэр кэмигэр Москубаҕа сахалар землячестволарыгар авиация ситиһиилэрин сүрдээх өрө көтөҕүүлээхтик кэпсээн суруйар этэ» диэн С.Г. Потапов 1930 сыллаахха суруйбута баар.
Бэлиэ күннэр Арассыыйа — Арассыыйаҕа тарҕаммыт склероз күнэ[1]
- АХШ, Гавайи — Гаваай арыыларыгар Камехамеха күнэ. 1810 сыллаахха Гаваай арыыларын түмпүт Камехамеха I хоруолу ахталлар. Дойдутугар түһээн тиһигин киллэрбитэ, Европаны уонна АХШ штааттарын кытта атыыны-эргиэни саҕалаабыта. Дьиктитэ диэн бу сэрииһит хоруол сэрии кэмигэр көннөрү дьон (ол иһигэр оҕолор, дьахталлар, кырдьаҕастар) эмсэҕэлиэ суохтаахтарын туһунан суругунан сокуон таһаарбыт. Кини тыыннааҕын тухары Гаваай арыылара тутулуга суох этилэр (ол саҕана Полинезия атын арыылара бары холуонньа буолбуттара).
- Европа — Кытархай арыгы күнэ[2]
Түбэлтэлэр
- 1606 — Василий Шуйскай ыраахтааҕыга бэргэһэлэммит.
- 1748 — Дания «Хотугу Кириэс» диэн былааҕы ылыммыт. Кэлин манна майгыннныр былаахтары Скандинавия атын дойдулара бары бэйэлэригэр ылыммыттара.
- 1788 — Дьокуускайтан төрүттээх нуучча чинчийээччитэ Герасим Измайлов Аляскаҕа тиийбит. Бу киһи Алеут арыыларын каартаҕа тиспитэ, аатырбыт Джеймс Куктуун көрсүбүт түгэннээх, Кук киниэхэ октан диэн каарта оҥорорго көмөлөһөр тэрили бэлэхтээбит.
- 1872 — Москубаҕа Бастакы бүтүн Арассыыйатааҕы политехническай быыстапка аһыллыбыт. Бу быыстапка матырыйааллара эмиэ бу сылга Политехническай түмэл аһылларыгар туһаныллыбыттар.
- 1918 — казаахтар «Алаш» хамсааһыннара Казахстаан сиригэр сэбиэскэй былаас бары дэкириэттэрин сокуоннайа суоҕунан биллэрбит.
- 1928 — Украинаҕа Саха бастакы лүөччүгэ Өлүөхүмэ Кыыллааҕыттан төрүттээх Алексей Торговкин саахалга түбэһэн өлбүт.
- 1935 — Америкаҕа Эдвин Армстронг FM-араадьыйа айааччыта, бастакы көрдөрүүтүн, иһитиннэриитин оҥорбут.
- 1937 — «Тухачевскай дьыалата» түмүктэммитэ. Буруйданааччылар: Сэбиэскэй Сойуус мааршала М. Н. Тухачевскай, 1-кы раангалаах командарм И. Э. Якир, 1-кы раангалаах командарм И. П. Уборевич, Р. П. Эйдеман, А. И. Корк, Б. П. Фельдман, В. М. Примаков уонна комкор В. К. Путна ытылларга ууруллубуттар уонна бэс ыйын 12 күн түүнүгэр ытыллыбыттар. Итинтэн саҕалаан РККА кэккэтигэр улахан репрессиялар саҕаламмыттар.
- 1938 — Кытай уонна Дьоппуон икки ардыларыгар улахан Ухань кыргыһыыта саҕаламмыт. Манна 4 ыйтан тахса буолбут кыргыһыы түмүгэр дьоппуоннар Ухань куоратын ылбыттар эрээри, олус элбэх сүтүктэммит буолан, Кытайга кимэн киириилэрин бытаардыбыттар уонна сотору кэминэн тохтоппуттар.
- 1940 — Саҥа Зеландия, Австралия уонна Соҕуруу Африка сойууһа Италияҕа сэриини биллэрбиттэр.
- 1942 — ССРС уонна АХШ Ленд-лииһинэн бэйэ-бэйэни хааччыйыы сөбүлэҥэр илии баттаабыттара. Сэрии сылларыгар маннык сөбүлэҥнэри АХШ 42 дойдуну кытта түһэрсибитэ.
- 1963 — АХШ бэрэсидьиэнэ Джон Кеннеди улахан суолталаах Гражданскай быраап сокуонун туһунан биллэрбит. Бу сокуоҥҥа уопсастыбаннай миэстэлэргэ киириигэ, үөрэххэ, үлэҕэ, быыбарга киһи барыта тэҥ бырааптаах, дискриминация суох буолуохтаах диэн этиллибит.
- 1969 — Москубаҕа I Аан дойдутааҕы балет артыыстарын күрэһэ аһыллыбыт.
- 2008 — Дьокуускай аэропуордугар Боинг 747 улахан таһаҕас сөмөлүөтэ түспүт, Линц куораттан (Австрия) 158 ынаҕы аҕалбыт.
Төрөөбүттэр
- 1904 — Николай Павлов-Тыаһыт — репрессияҕа түбэһэн өр сылларга умнууга хаалбыт сэбиэскэй кэмнээҕи Саха суруйааччыта. Ойуунускай огдооботун ойох ылбыта, оҕолорун киһи оҥортообута.
- 1915 — Петр Решетников (09.09.1960 өлб.) — Саха тыйаатырын уонна киинэ артыыһа.
- 1934 — Сольскай Скрябин — сибээс бэтэрээнэ.
- 1937 — Михаил Хатылаев, устуоруйа дуоктара, бэрэпиэссэр. Илин Сибииргэ, ол иһигэр Саха сиригэр 1917-1937 сс. көмүс хостуур бырамыысыланнас сайдыытын чинчийбитэ.
- 1939 — Дмитрий Зверев (08.09.2012 өлб.) — прозаик-публицист. Аатырбыт аҕатын Кыыл Уолун туһунан кинигэлэри таһаартаабыта.
- 1949 — Николай Курилов — дьүкээгир омугуттан бастакы идэтийбит худуоһунньук, ону таһынан бэйиэт, прозаик, драматург, суруналыыс, «Геван» радиостанция үлэһитэ.
Өлбүттэр
- 1928 — Алексей Торговкин, Өлүөхүмэ Кыыллааҕыттан төрүттээх саха бастакы байыаннай лүөччүк, лүөччүк-испытатель (1898 с.т.)
- 1994 — Николай Черскэй (02.02.1905 төр.) — учуонай, ньиэп уонна гаас үөскээбит сирдэр механикаларын чинчийээччи, 1964—1987 сыллардаахха ССРС НА Сибиирдээҕи салаатын Саха Сиринээҕи филиалын Бөрөсүүдьүмүн бэрэстээтэлэ.