22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

Бендекхаел Наваф Намад: «Азия оҕолоро» Оонньуу кыайыыга кынаттыыр!

11:42, 18 июля 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саудовскай Аравия королевствота быйылгы «Азия оҕолоро» Оонньууга аан бастакытын кытынна. Бу дойду сүүмэрдэммит хамаандатын тренерэ Бендекхаел Наваф Намад СИА-ҕа Оонньуулар тустарынан санаатын үллэһиннэ.


Королевствоттан уопсайа 35 киһи кэлбит, итилэртэн 20 спортсмен чэпчэки атлетикаҕа, икки — тхэквондоҕа күрэхтэспиттэр. Саха сирэ олус ырааҕынан, Ромадан бырааһынньыгынан кининилэр төрөппүтэрэ, чугас дьонноро Дьокуускайга кэлбэтэхтэр.

Бендекхаел Наваф Намад этэринэн, «Азия оҕолоро» ханна ыытылларын бастаан билэн баран, олус ыраах диэбиппит. Ол эрээри, биһиги спортсменнарбытыгар бу үрдүк таһымнаах күрэхтэһии улахан кыаҕы биэриэҕин санаан манна кэлэр санаа баһыйбыта», —диир кини.

Саудовскай Аравия спортсменнара 100 уонна 200 м. сүүрүүгэ үрүҥ көмүс, тхэквондоҕа үрүҥ көмүс уонна боруонса мэтээллээхтэр.

«Биһиги дойдубутугар ордук футбол, волейбол, дзюдо уонна тхэквондо биһирэнэр. «Азия оҕолоро» Оонньууну тэрийии олус үчүгэй. Дойдугут бырабыыталыстыбата спорду олус күүскэ өйүүрүн сөхтүбүт», —диир Бендекхаел Наваф Намад.

Саха сирин уларыйа сылдьар күнэ-дьыла соһуппут. «Күнүс аһара итийии, оттон киэһэлик тымныйыы биһиэхэ кыһын буолааччы. Эһиэхэ түүнүн олус сырдык эбит», — диир кини.

Королевство аныгыскы Оонньуулар ханна да буолбуттарын иһин, кыттар санаалаах.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА