ЫБММ иһитиннэрбитинэн, бэҕэһээ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 7 техногеннай баһаар таҕыста: дьиэлэр, массыыналар, гараастар умайдылар.
Ол курдук, түүн Нерюнгрига икки массыына умайда.
Сарсыарда 11 чааска Дьокуускайга Халтурин уулуссатыгар икки этээстээх дьиэҕэ уот тура сырытта. Баһаар иэнэ – 85 кв.м.
Күнүс Нам аартыгын 16 км “Сатал” СОНТ кэтэх ыал дьиэтэ уонна салҕааһына бүтүннүү уокка былдьаннылар. Ону сэргэ Нам аартыгын 13 км эмиэ кэтэх ыал дьиэтигэр уонна гарааһыгар уот турда.
СИА.