22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Барылас нэһилиэгин күннэрэ Улуу Кыайыыга ананна

16:41, 23 декабря 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыыны бэлиэтээһин өрөгөйө чугаан иһэр. 1941-1945 с.с. уоттаах сэрии кыттыылааҕа Василий Алексеевич Слепцов төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах «Барылас нэһилиэгэ» МТ күнэ улуус киинигэр ытылынна.


Барылас нэһилиэгэ Дьааҥы улууһун кииниттэн 530 киэлэмиэтир ыраах сытар. Тэрээһин чэрчитинэн нэһилиэк баһылыга А.Х. Аммосова салайааччылаах дэлэгээссийэ улуус тэрилтэлэрин салалталарын кытта көрүстэ. Төгүрүк остуолга олох-дьаһах, тыа хаһаайыстыбатын уонна Улуу кыайыы тэрээһиннэрин тула киэң кэпсэтиилэри «Дьааңы оройуона» МТ баһылыгын солбуйааччы М.И. Осипов иилээн салайан ыытта.

Барылас 101 нэһилиэнньэлээх, олохсуйан олорооччута 60-ча. «Сүрүн дьарыкпыт — тыа хаһаайыстыбата. Нэһилиэкпит сүөһүтүн ахсаана аҕыйаабата, от былаанын лаппа толорбуппут. Оскуола-саадка спортсаала уонна хочуолунай тутууларын туруорустубут. Биир бырысыап мас сыаната 12 тыһыынчаҕа тиийэн, уһун тымныы кыһыннаах тыа хаһаайыстыбатын тутан олорор тыа дьоно күннээҕи кыһалҕабыт кыһын мас буолар«, — диир эдэр баһылык Анастасия Христофоровна Аммосова.

Алын кылаас уонна саад дириэктэрэ Г.И. Старостин, култуура киинин дириэктэрэ Д.П. Стручкова, ФАП сэбиэдисэйэ Н.Н. Слепцов, ДЭС сүрүн машиниһа С.С. Слепцов, бэтэринээрийэ сэбиэдиссэйэ Я.Н. Слепцова салайааччылардаах Барылас нэһилиэгэ, төһө да ыраах сир буоллар, тыа хаһаайыстыбатыгар биир үрдүк көрдөрүүлээх нэһилиэк буолар.

«Күөх сирэм» А.В.Слепцова, «Уйгу» Слепцова Е.Н., «Сайылык» Стручков В.В. сүөһү ииттэр хаһаайыстыбалара, сылгы ииттэр ИП Стручков И.В. уонна быйылгыттан хоту сиргэ ыңырыа иитиитин саҕалаабыт И.В.Слепцов хаһаайыстыбалара нэһилиэк сүрүн дьарыгын тута олороллор. Маны таһынан В.В. Слепцов салайааччылаах «Орто салаа» таба родовой общината бу сыл үһүс кыбаарталыгар кыстыкка 2154 төбө табаны хаалларда. Барыласка таба уонна ынах сүөһү төрөөһүнэ эбиллэ турар: хороҕор муостаах уопсай ахсаана 104, онтон 54-дэ ынах, 203 сылгы, 120 биэ.

Баатаҕайдар Барылас тэрийэн туруорбут эт, үүт аһын быыстапкатыгар ас эгэлгэтин хото атыыластылар. «Сыаната улахан араастаһыыта суох. Нэһилиэктэр ынах, сылгы эттэрин, дьарҕаа балык, үүт, суорат, убаһа, ынах истэрин атыыластыбыт», — дэһэллэр толору суумкалаах дьон.

Төрүт дорҕоон биһигэ эмиэ Барылас буолар. Кустуй Маарыйа мурун, хабарҕа, таңалай ырыаларын билигин бүтүн Саха сирэ ылыыр. Онон, хотугу саха бүөмнээн олохсуйбут нэһилиэгэ Барылас күнэ умнуллубат ураты күнү бастакынан түстээтэ, ырыа-тойук доҕуһуоллаах кэнсиэр бэрт ураты тыыннанна.

Ааптар: Раиса ЧИРИКОВА

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА