Сир сокуонугар уларытыылар киллэриллэн, 2015 сыл кулун тутар 1 күнүттэн саҥа редакцияламмыт сокуон үлэлиир. Бу докумуону сиргэ сыһыаннаһыыларга реформа быһыытынан ааҕаллар.
Элбэх ыйытыы киирбитинэн, АГАТУ-га фермер үөрэҕин ааһарбар билбиппиттэн кэпсиэм.
Сиргэ быраап көрүҥнэрэ:
— Сирэй бас билии
— Болдьоҕо суох туһаныы
— Төлөбүрэ суох туһаныы
— Аренда
— Хааччахтаах туһаныы
Сирэй бас билиигэ сири ылыыга 11 көрүҥ баар (ст. 39.5 ЗК РФ). Олортон саамай тарҕаммыта — билигин тутта сылдьар сиргин 5 сыл иһигэр сыалынан туһаммыт буоллаххына, сирэй бас билиигэ ылыаххын сөп.
ЛПХ эбэтэр КФХ тэринэн үлэлэтиигэ, муниципалитет (МО) сиригэр-уотугар баар сири төлөбүрэ суох туһаныыга (ст. 39.10 ЗК РФ), сайабылыанньаҕар олоҕуран 6 сылга диэри болдьохтоон биэриэхтэрин сөп.
Өскөтүн киһи МО территориятыгар идэтинэн сүрүн үлэлиир миэстэлээх буоллаҕына, ЛПХ тэринэригэр сири 6 сылтан уһуна суох болдьохтоон биэриэхтэрин сөп. Бу эмиэ төлөбүрэ суох туһаныыга – бу көрүҥҥэ уопсайынан 17 быһаарыы баар.
Ойуур учаастактарыгар тыа хаһаайыстыбатын салаатынан (ол иһигэр тигээйи иитиитинэн) бэйэлэрин туһаларыгар дьарыктаныан баҕалаахтарга сир 5 сылтан элбэҕэ суох уһун болдьоххо эмиэ төлөбүрэ суох бэриллиэн сөп.
Сири олохтоох бэйэни салайыныы уоргана сайабылыанньаҕа олоҕуран быһаарар. Биир учаастакка хас да киһи сайабылыанньалаах буоллаҕына – аукцион биллэриллэр.
Бааһынай хаһаайыстыба тэринэргэ сир учаастагын биэрии кээмэйдэрэ (саамай кыччаабыта уонна улааппыта):
Үүнээйи
1 гектартан итэҕэһэ суох, ити эрээри МО сиригэр баар бааһына иэнин 10%-тан элбиэ суохтаах.
Сүөһү иитиитэ (1 төбөҕө)
0,32 гектар бааһынаттан кырата суох, ити эрээри МО сиригэр баар бааһына иэнин 10%-тан элбиэ суохтаах.
2 гектар оттуур сиртэн кырата суох, ити эрээри МО сиригэр баар оттуур сир иэнин 10%-тан элбиэ суохтаах.
2 гектар мэччирэҥтэн кырата суох, ити эрээри МО сиригэр баар мэччирэҥ иэнин 10%-тан элбиэ суохтаах.
Сылгы иитиитэ (1 төбөҕө)
8 га мэччирэҥтэн кырата суох, ити эрээри МО сиригэр баар мэччирэҥ иэнин 10%-тан элбиэ суохтаах.
1 га ходуһаттан кырата суох, ити эрээри МО сиригэр баар ходуһа иэнин 10%-тан элбиэ суохтаах.
0,1 гектар бааһынаттан кырата суох, ити эрээри МО сиригэр баар бааһына иэнин 10%-тан элбиэ суохтаах.
Сибиинньэни, көтөрү иитии
Нэһилиэк тутуутун былаанын нуорматыгар олоҕурбут кээмэйтэн элбиэ суохтаах.
Тигээйи иитиитэ
0,2 гектартан элбиэ суохтаах.