22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Баһылай Манчаары пааматынньыга тоҕо оҥоһуллубата?

18:30, 13 февраля 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2013 с. хаһыакка Манчаары Баһылай пааматынньыга соҕуруу оҥоһулла сылдьар, ону тимир суол вокзалын таһыгар эбэтэр федеральнай тыраасса уҥуор туруорар туһунан мөккүөр барар диэн суруллубут этэ. Онтон ыла биэс сыл ааста!


Соторутааҕыта Мэҥэ Хаҥалас киһитин көрсөммүн Манчаары Баһылай пааматынньыга ханна туруоруллубутун ыйыппыппар, төрүт даҕаны оҥоһулла илик диэн соһутта.

Манчаарыга анаммыт пааматынньык суох. Туохтан тутулунна? Үбэ-харчыта көстүбэтэ дуу, биитэр салалта куолуһуттар араас дойҕохторуттан сэрэннилэр дуу?

Манчаары Баһылай — сахалар национальнай дьоруойбут! Кини туһунан төһөлөөх элбэхтик номоххо кэпсэнэрий, ырыаҕа ылланарый, хоһооҥҥо хоһулларый! Өксөкүлээхтэн, Алампаттан, Күлүмнүүртэн саҕалаан, саха саарыннара Манчаары туһунан бэртээхэй айымньылары, ыстатыйалары төһөнү суруйбуттара буолуой?! Ону барытын биир кэлии киһи хоруотаабытынан туора сотон кэбиһэбит дуо? Казаряны утаран элбэх киһи суруйбута. Олортон Валерий Луковцев: «Арменияҕа тиийэн арай, Давид Сасунскай туһунан итинник суруйдахха, тыыннаах да таһааралларын билбэтим», — диэбитэ өйбөр хаалбыт. Маннык санаа төрүт олоҕо суоҕун туһунан биллэр суруйааччы, кырдьаҕас юрист Н.Ф. Борисов-Ньукулай Уус бэрт үчүгэйдик суруйан турар. Онон, Манчаары туһунан араас сымыйа дойҕоҕу итэҕэйимиэҕиҥ.

Пааматынньык хайаан даҕаны оҥоһуллуо диэн эрэнэбин. Турар миэстэтин туһунан мөккүөргэ мин санаам маннык. Манчаары пааматынньыга өрүскэ (Эбэҕэ) киирии аартыгар туруоруллара ордук. Ити урукку ГАИ эбэтэр уҥа диэки букатын очуос үрдүгэр. Тэйиччи буоллун. Били Ольга Иванова «Үөһэттэн таҥнары Өлүөнэтин көрбүтэ» диэн ыллыырын курдук. Үрдүк олбоххо олоттоххо, көстүүтэ олус үчүгэй буолуоҕа. Оттон тимир суол вокзалын таһыгар туруорулуннаҕына, киин уонна хотугу улуустар олохтоохторо көрбөппүтүгэр тиийэбит. Тимир суолунан айаннааччы оннук элбэх буолуо дии санаабаппын, соҕуруу барар дьон өрүһү туораан, Бэстээҕинэн айанныыллара саарбах. Табаҕанан өрүһү туоруур күргэ тутуллуннаҕына даҕаны, хотулар-илиннэр кыһынын баҕас быһа туоруурбут саарбаҕа суох.

Сахалар номоххо киирбит киһибитигэр, Манчаары Баһылайга, пааматынньык элбэх киһи сылдьар, көрөр сиригэр тутуллуохтаах. Үрдүкү салалта өйөөтөҕүнэ, саха дьоно, ордук биир дойдулаахтара мэҥэлэр туруннахтарына, ама, биир пааматынньык туруута кыайтарбат буолуо дуо? Кыайтарар бөҕө. Ылсыахха, туруорсуохха эрэ наада.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА