— Алтынньы 27 күнүгэр буолбут баһаарга «суһал көмө» 7 биригээдэтэ кэлэн үлэлээбитэ. 2-с №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа-Суһал мэдиссиинэ көмөтүн киинигэр 10 киһини аҕалбыттарыттан, 5 киһиэхэ амбулаторнай эмтэнии анаммыта. 5 киһи балыыһаҕа киирбититтэн, 2 киһи доруобуйатын туруга этэҥҥэ.
3 киһи реанимацияҕа киирбитэ. Кинилэр туруктара ыарахан этэ, бары умайбыт былаастык, о.д.а. матырыйаал буруотуттан сүһүрбүттэр.
Хомойуох иһин, алтынньы 29 күнүгэр реанимацияҕа сытар дьахтар тыына быһынна. Билигин 2 киһи тыҥаны хачайдыыр аппараакка сыталлар. Миэдиктэр туох баар кыаллар мэдиссиинискэй көмөнү оҥоро сатыыллар.
Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ өлбүттээхтэр дьиэ кэргэттэригэр, чугас дьонноругар дириҥ кутурҕанын биллэрэр. Эмсэҕэлээбит дьон дьиэ кэргэттэригэр көмө оҥоһуллуоҕа, — диэн Дмитрий Сергин эттэ.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата