22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Баҕа өттүнэн көмөлөһүү киинигэр ДНР уонна ЛНР "күрэнээччилэргэ" көмө пууна олохтонно

19:01, 24 февраля 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр баҕа өттүнэн көмө оҥорооччулар кииннэригэр олунньу 22 күнүттэн ДНР уонна ЛНР күрэнээччилэргэ көмөлөһөр пуун арылынна. Регион олохтоохторо ыарахан балаһыанньаҕа түбэһэн, дойдуларыттан тэскилээбит дьоҥҥо көмө оҥоруохтарын сөп, СИА-ҕа киин салайааччыта Айыллаан Винокуров эттэ.

«Донецкай уонна Луганскай народнай өрөспүүбүлүкэлэр олохтоохторугар көмөлөһөр пуун арылынна. Штаб волонтердара #МЫВМЕСТЕ Саха сиринээҕи уопсастыбаннай палаатаны кытта хомуур уонна ыытыы үлэтин сүрүннүөхтэрэ. Ким баҕарар дьиэлэриттэн тэскилээн сылдьар дьоҥҥо көмөлөһүөн сөп», — диэтэ уопсастыбанньык Айыллаан Винокуров.

Аадырыһа: Дьокуускай, Орджоникидзе уулусса, 10 дьиэтэ, 2 этээс, актовай саала.

Пуун үлэтин болдьоҕо — күн аайы 10:00 — 20:00 чаас.
Бородууктаны сүрүннээччилэри кытта эрдэ кэпсэтэн баран аҕалар ордук.

«Гуманитарнай көмө саҥа буолуохтаах, хахтаах, этикеткалаах, тэҥ пропорциялаах, хоруопкаларга угуллубут, опись суруллар. Ас — уһуннук харайыллар, болдьоҕо суруллар», — диэн кииҥҥэ бэлиэтээтилэр.

Төлөпүөннэрэ: +7411-2-50-88-93, +7411-2-50-88-92

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА