22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Бүлүү өрүһү туоруур муоста бырайыагын оҥорууга докумуоҥҥа илии баттанна

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Бүлүү» суол управлениета «Хотьковский автомост» хампаанньаны кытта Бүлүү өрүс муостатын бырайыактааһыҥҥа судаарыстыбаннай хантыраак баттаста. Суол оҥорооччулар эбийиэк 2024 сылга бүтэригэр эрэллээхтэр. 


«Бүлүү эбэни туоруур муостаны Үөһээ Бүлүү оройуонун кыраныыссатыгар тутар былааннаахпыт. Эбийиэк уһуна 1700 м, киириитигэр — 20 км аспаал суол», — диэн «Бүлүү» суол управлениетын начаалынньыга Николай Андреев эттэ.

Бүлүү муостата уһунунан Марха муостатын үс төгүл куоһарар. Эбийиэк тутуутун саҕаланыыта 2021 сылга былааннанар, ол иннинэ бырайыага бигэргэниэхтээх уонна бэдэрээччигэ быһаарыллыахтаах. Тутуу 2025 сылга диэри бүтүөхтээх.

«Биһиги муостаны эрдэ бүтэрэ сатыахпыт — 2024 сылга. Эрдэ уонна хаачыстыбалаахык тутарга эрэллээхпит«, — диэтэ Андреев.

Бүлүү муостата үлэҕэ киирдэҕинэ Дьокуускай уонна Ньурба хайысханан сылы эргиччи айан суола олохтонор.

«Хотьковский автомост» ААУо генеральнай дириэктэрэ Павел Новиков эппитинэн, хампаанньа ырыынакка 1993 сылтан баар, 40-тан тахса бөдөҥ эбийиэк тутуллубут. Ол иһигэр Саха сиригэр Түүкээни туоруур муоста.

«Бүгүн биһиги олус суолталаах хантыраакка илии баттастыбыт. Соругу толорорго бэлэммит. Туох баар ирдэбиллэри тутуһан кэмигэр, хаачыстыбалаахтык тутан эбийиэги үлэҕэ киллэриэхпит», — диэтэ хампаанньа салайааччыта.

Муоста федеральнайдааҕы бюджеиттан үбүлэнэр. Барыллаан суоттааһынан, 22 млрд солк наада. Ити эрээри бүтэһиктээх суума судаарыстыбаннай экспертиза кэнниттэн чуолкайданар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА