Бэс ыйын 8,9 күннэригэр Бүлүү бөлөх улуустарын тыыл уонна үлэ бэтэрээннэрин спартакиадата Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллаары турар.
Манан сибээстээн тэрийэр хамыыһыйа сүбэ-мунньахха муһунна.
55-тэн үөһэ саастаах дьон хабылык, хаамыска курдук төрүт остуол оонньууларыгар, дуобакка, сахаваболга, бильярдка, саахымакка, спортиҥҥа, буулдьанан ытыыга, чэпчэки атлетика эстафетатыгар уонна дартска күрэстэһиэхтэрэ.
Күрэхтэһии иккис күнүгэр бальнай үҥкүү күрэҕэр улуус аайыттан биирдии пара кыттыаҕа.
Спартакиада көрүҥнэрэ Үс Хоһуун манеһыгар уонна спорт саалатыгар, «Эрэл» стрельбищенан, Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин дьаһалтатын дьиэтинэн, көрүҥнэринэн тыырыллан ыытыллыахтара.
Маны таһынан хас биирдии хамаанда ырыа, тойук, баянынан үҥкүү уонна оһуохай көрүҥнэринэн 4-түү нүөмэрдээх кэлиэхтэрэ. Бу эмиэ спартакиада бала5ыанньатыгар көрүҥ быһыытынан киирэ сылдьар. Оччотугар бу көрүҥ бэйэтэ кэнсиэр кэриэтэ буолуоҕа.
Санатар буоллахха, маннык спартакиаданы ааспыт сылга Ньурба улууһа тэрийэн ыыппыта, суруйда «Үөһээ Бүлүү» хаһыат телеграм-ханаала.