22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үбү итэҕэстээбитин иһин 300 тыһыынча солкуобайы төлүөҕэ

15:43, 06 марта 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Абый улууһун муниципальнай казеннай тэрилтэтин биир начаалынньыга 300 тыһыынча солкуобайдаах үбү сиэбитин иһин буруйдааҕынан билинилиннэ.


Буруйдаахтан суут таһаарбыт хоромньутун төлүүрүгэр уураахтаата.

Гражданин Н. сулууспалаах балаһыанньатын туһанан, киниэхэ итэҕэйиллибит бүддьүөт үбүн туттар баҕаттан, туора үһүс киһи туһатыгар дьиҥэ олох туттарыллыбатах үүккэ ороскуот чааһын толуйууга субсидияны тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибигэр төлүүргэ сөбө суох усулуобуйаны тэрийбит. Ол эбэтэр киниэхэ итэҕэйиллибит бүддьүөт үбүн ороскуоттаабыт. Онон Абый улууһун бүддьүөтүгэр 300 тыһыынча солкуобайдаах материальнай хоромньу тахсыбыт”, — диэн прокуратура иһитиннэрэр.

Усуйаанатааҕы оройуон суута бу эр киһиттэн таһаарбыт хоромньутун толору кээмэйинэн төлөтөргө уураахтаата.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА