22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

"Азия оҕолоро": Саха боксердара биэс кыһыл көмүс мэтээллэннилэр

11:37, 14 июля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

“Азия оҕолоро” VI-с спортивнай оонньууларга боксаҕа күрэхтэһии түмүктэннэ. Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандата 13 мэтээллээх: биэс кыһыл, биир үрүҥ көмүстэр уонна 7 боруонса.


«Олус ыарахан киирсиилэр буоллулар. Утарсааччылар бука бары бастыҥнарын аҕалбыттар. Кинилэр ортолоругар Европаҕа, аан дойдуга бастыыр иһин киирсиилэр бириистээх миэстэлэригэр тиксибиттэр бааллар. Биһиги уолаттарбыт спортка инникилэрэ кинилэртэн бэйэлэриттэн тутулуктаах», — диэн эттэ СИА-ҕа хамаанда тренерэ, боксаҕа Россия чөмпүйүөнэ Василий Лисица.

Саха сириттэн чөмпүйүөн үрдүк аатын ыллылар: Ян Алексеев (48 кг диэри), Денис Нехаев (50 кг диэри), Петр Егоров (52 кг диэри), Назар Андреев (60 кг диэри) уонна Мичилина Сантаева (50 кг диэри). «Үрүҥ көмүскэ» Күннэй Татаринова тигистэ (54 кг диэри). Үһүс миэстэ үктэлигэр Айыына Борисова (52 кг диэри), Анжелика Одоева (54 кг диэри), Айкаар Олесов (54 кг диэри), Эльмар Омаров (57 кг диэри), Айаан Ксенофонтов (63 кг диэри), Баймат Турамбек уонна Станислав Новгородов (80 кг диэри) таҕыстылар.

«Мин Мүрү 2 №-дээх орто оскуолатыгар онус кылааска үөрэнэбин. Боксанан алта сааспыттан дьарыктанабын. Финал, биллэн турар, уустук. Ол эрээри, полуфиналга Кыргызстан спортсменын кытта киирсии ордук ыарахан этэ. Тренердэрбэр, төрөппүттэрбэр махтанабын», — диир чөмпүйүөн Петр Егоров.

Рингэҕэ барыларыттан чаҕылхайдык Филиппиныттан кэлбит Кристиан Питт Лауренте (54 кг диэри) күрэхтэстэ. Элбэх тренердэр кини ураты тиэхиньикэтин, кыайыыга дьулуурун бэлиэтии көрдүлэр. Финалга кини Айкаар Олесовы кыайда уонна кыһыл көмүс мэтээл иһин киирсиигэ Сункар Талдыбегы хотто.

«Мин 16 саастаахпын, боксанан 2009 сылтан ыла дьарыктаммытым. Урукку өттүгэр Санкт-Петербург куоракка Азия ыччатын ортолоругар ыытыллыбыт оонньууларга кыттыбытым. Кэлин олимпиадаҕа кыттар ыра санаалаахпын уонна Мэнни Пакьяо курдук буолуохпун баҕарабын. Биһиги кинилиин ыаллыы олоробут, биирдэ эмэ бииргэ дьарыктанабыт», — диэн кини кэпсээтэ.

Турнир түмүгүнэн саамай элбэх мэтээли Казахстан спортсменнара ыллылар: биэс кыһыл көмүс, сэттэ – үрүҥ көмүс, түөрт — боруонса. Иккис миэстэни Саха сирин 1-кы хамаандата ылла. Кинилэр уопсайа 11 мэтээллээхтэр. Үһүскэ – Сибиир федеральнай уокуруга.

Күрэхтэһиигэ барыта 22 хамаандаттан 179 боксер кытынна, 18 кэмпилиэк мэтээл оонньонно.

Уолаттарга кыайыылаахтар уонна бириистээх миэстэҕэ тиксибиттэр:

46 кг диэри:

1 миэстэ — Нурсултан Нуриденов (Казахстан);

2 миэстэ — Мирхан Маликова (Азейбарджан);

3 миэстэ — Чалри Ким (Корея);

3 миэстэ — Альберт Ниязов (УФУо);

48 кг диэри:

1 миэстэ — Ян Алексеев (Саха сирэ -1);

2 миэстэ — Бийбарас Жексен (Казахстан);

3 миэстэ — Соомин Ли (Корея);

3 миэстэ — Дастанбек Ормонов (Кыргызстан);

50 кг диэри:

1 миэстэ — Денис Нехаев (Саха сирэ -1)

2 миэстэ — Дохеон Чой (Корея);

3 миэстэ — Айбек Досанов (Казахстан);

3 миэстэ — Артем Подковин (ДФУо);

52 кг диэри:

1 миэстэ — Петр Егоров (Саха сирэ -1);

2 миэстэ — Алибек Жаркынбек (Казахстан);

3 миэстэ — Санжай Сейдекматов (Кыргызстан);

3 миэстэ — Хайдер Алнуетра (Ирак);

54 кг диэри:

1 миэстэ — Кристиан Питт Лауренте (Филиппины);

2 миэстэ — Сункар Талдыбек (Казахстан);

3 миэстэ — Юрий Медведев (СФУо);

3 миэстэ — Айкаар Олесов (Саха сирэ -1);

57 кг диэри:

1 миэстэ — Ильгиз Матмусаев (Кыргызстан);

2 миэстэ — Сергей Клюев (СФУо);

3 миэстэ — Эльмар Олесов (Саха сирэ -1);

3 миэстэ — Арслан Шамурадов (Туркменистан);

60 кг диэри:

1 миэстэ — Назар Андреев (Саха сирэ -1);

2 миэстэ — Глеб Мамаджанов (УФУо);

3 миэстэ — Константин Гладышко (ДФУо);

3 миэстэ — Ильнур Фатхуллин (Татарстан);

63 кг диэри:

1 миэстэ — Ермахан Жакпеков (Казахстан);

2 миэстэ — Яков Макушев (СФУо);

3 миэстэ — Сангун Хан (Корея);

3 миэстэ — Айаан Ксенофонтов (Саха сирэ -1);

66 кг диэри:

1 миэстэ — Илья Мелешин (ДФУо);

2 миэстэ — Аят Маржикпаев (Казахстан);

3 миэстэ — Гунвоо Мо (Корея);

3 миэстэ — Степан Степанов (УФУо);

70 кг диэри:

1 миэстэ — Илья Богатырев (СФУо);

2 миэстэ — Сайяд Салеем (Ирак);

3 миэстэ — Сулайман Улуу Суйумбек (Кыргызстан);

3 миэстэ — Бекен Периехан (Казахстан);

75 кг диэри:

1 миэстэ — Никита Чирвон (ДФУо);

2 миэстэ — Сагындык Тогамбай (Казахстан);

3 миэстэ — Магамед Мирзоев (УФУо);

3 миэстэ — Урмат Бектурсунов (Кыргызстан);

80 кг диэри:

1 миэстэ — Айбек Оралбай (Казахстан);

2 миэстэ — Кьюнгтае Че (Корея);

3 миэстэ — Баймат Турамбек (Саха сирэ -2);

3 миэстэ — Станислав Новгородов (Саха сирэ -1);

80 кг диэри:

1 миэстэ — Дамир Тойбай (Казахстан);

2 миэстэ — Кирилл Басалаев (УФУо);

3 миэстэ — Юрий Изюмов (ДФУо);

3 миэстэ — Яхоон Ли (Корея).

Кыргыттар ортолоругар:

46 кг диэри:

1 миэстэ — Анар Кожа (Казахстан);

2 миэстэ — Лидия Таскаев (СФУо);

3 миэстэ — Есугэн Тогбаяр (Монголия);

3 миэстэ — Сумайя Косимова (Таджикистан);

50 кг диэри:

1 миэстэ — Мичилина Сантаева (Саха сирэ -1);

2 миэстэ — Диана Кельман (Казахстан);

3 миэстэ — Виолетта Кашкарова (СФУо);

3 миэстэ — Магансаран Балсан (Монголия);

52 кг диэри:

1 миэстэ — Энхмаа Очирсух (Казхастан);

2 миэстэ — Еркежан Даулетжанкызы (Казахстан);

3 миэстэ — Айыына Борисова (Саха сирэ -1);

3 миэстэ — Ксения Бесчастнова (СФУо);

54 кг диэри:

1 миэстэ — Хонгорзул Эргэлхангай (Монголия);

2 миэстэ — Куннэй Татаринова (Саха сирэ -1);

3 миэстэ — Анжелика Одоева (Саха сирэ-2);

3 миэстэ — Жамиля Айтпаева (Казахстан);

57 кг диэри:

1 миэстэ — Алена Касьянова (УФУо);

2 миэстэ — Анна Иванова (СУо);

3 миэстэ — Адина Калдыбай (Казахстан);

3 миэстэ — Идимох Холова (Таджикистан).

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА