«Модун» спорт комплексыгар от ыйын 11 күнүгэр диэри 50-тан тахса спортсмен (12 араас дойдуттан) остуол тенниһигэр күрэхтэһиэ.
«Саха сирин чиэһин аҕыс спортсмен көмүскүүр. Бастакы күҥҥэ ыытыллыбыт күрэхтэһиинэн көрдөххө, Соҕуруу Корея, Кытай, Монголия, Араб Эмираттарын теннисистэрэ үчүгэй бэлэмнээхтэр», — диир Саха сирин остуол тенниһигэр сүүмэрдэммит хамаандатын салайааччы Анатолий Ефремов.
Күрэхтэһии кылаабынай судьуйата Александр Пономарев спортсменнарга ситиһиилэри баҕарда итиэннэ ураты айылҕалаах Саха сиригэр дуоһуйа сынньаналларыгар, астына, сөҕө көрөллөрүгэр-истэллэригэр баҕарда.
Остуол тенниһигэр спортсменнар биирдиилээн, пааранан уонна уоллаах кыыс пааралаһан күрэхтэһиэхтэрэ. Пааранан оонньооһун от ыйын 10 күнүгэр, соҕотохтуу уонна уоллаах кыыс пааралаһан күрэхтэһиилэрэ от ыйын 11 күнүгэр түмүктэниэ.