22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

«Аве Мария» юкагирдыы ылланна

13:01, 12 августа 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Атырдьах ыйын 9 күнүгэр олохтоох омуктар аан дойдутааҕы күннэригэр «Аве Мария» юкагир тылынан ылланна. Үйэлээх ырыаны худуоһунньук, суруйааччы, бэйиэт Николай Курилов тылбааһыгар СӨ үтүөлээх ырыаһыта Саина толордо. Бу туһунан СИА иһитиннэрэр.


Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков ырыа тылбааһын ааптарыгар Николай Куриловка махталын тиэртэ. «Юкагир омуга олохтоох омуктартан биир саамай былыргылара буолар. Хоту аҕыйах ахсааннаах омуктарыгар киирсэр юкагир тыла сүтэн эрэр, онон ырыа тахсыыта бу көстүүгэ — «Аwиэ Мариийа», — диэтэ А.Жирков.

«Тылбаас былыргы сүтэн эрэр тыл үйэтитиллэригэр улахан суолталаах. Юкагир тыла мантан антах өлбөт үйэлээх ырыа аан дойду араас омук тылынан ылланар холбоһугар киириэ«, — диэтэ спикеры бастакы солбуйааччы.

Александр Жирков ырыаһыт Саинаҕа, «Илкэн» хаһыат редакторыгар Ирина Куриловаҕа, С.А. Зверев–Кыыл Уола аатынан үҥкүү тыйаатырын солиһыгар Афанасий Томскайга, «Добун» ырыа студиятыгар, звукорежиссер Антон Ивановка ырыа юкагир тылынан ылламмытыгар махталын тиэрдэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА