15 Тохсунньу 15.01
  • -40°
  • $ 103,44
  • 106,25

Атырдьах ыйын 26 күнэ. Сэбиэскэй Сойуус Хомуньуус Баартыйатын үлэтэ тохтотуллубут - Бикипиэдьийэ

09:01, 26 августа 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

1907 сыллаахха Күлүмнүүр «Манчаары түөкүн» пьесата аан бастаан бэчээттэнэн тахсыбыт.

1920 сыллаахха ВЦИК уонна РСФСР Совнаркомун дэкириэтинэн Кыргыыс АССР тэриллибит. 1925 сылтан аата уларыйан Казаах АССР буолбута, онтон 1936 сылтан союзнай өрөспүүбүлүкэ статуһун ылбыта. Билигин — Казахстаан Өрөспүүбүлүкэтэ.

1991 сыллаахха Атырдьах ыйынааҕы путч кэнниттэн биэс күн ааспытын кэннэ Сэбиэскэй Сойуус Хомуньуус Баартыйатын (КПСС) үлэтэ тохтотуллубут.


Бэлиэ күннэр:

Түбэлтэлэр:

  • Б. э. инн. 55 сыл — Юлий Цезарь Британияҕа бастакытын саба түспүт.
  • 1071 — Манцикерт кыргыһыытыгар Орто Азияттан кэлбит селдьук туроктар Византия аармыйатын кыайбыттар. Инньэ гынан сотору кэминэн кинилэр Анатолия улахан аҥаарын (билиҥҥи Турция сирин үксэ) бас билэллэр.
  • 1382 — Москуба бэринэн Алтан Ордуу (Дьүчи Улууһун) хаана Тохтамышка аанын арыйбыт. Кинээс Дмитрий Донской Костромаҕа күрээбит, Кырыым хаанын Мамаайы 1382 сыллаахха кыайан баран икки сыл төлөөбөккө олорбут түһээнин төлөөбүт, Тохтамыштан көрдөһөн Москубаны уонна кэккэ сирдэри сорохторун дьаһайар дьаралыгын бэйэтигэр хааллаттарбыт. Бу кэнниттэн сотору буолан баран Дмитрий Донской улахан уола Василий Тохтамыштан Москуба кинээһин дьаралыгын көрдөһөн ылбыта.
  • 1728 — Данияттан төрүттээх Арассыыйа байҕалынан устааччыта Витус Беринг Азия уонна Хотугу Америка икки ардыларынааҕы силбэһиини арыйбыт, ол силбэһии кэлин ааҥыл айанньыта Джеймс Кук этиитинэн Беринг аатынан ааттаммыт.
  • 1770 — «Труды Вольного экономического общества» сурунаалга Арассыыйаҕа бастакы хортуоппуй туһунан билим ыстатыйата тахсыбыт. «Картофель» диэн тылы нуучча тылыгар маҥнайгынан агроном учуонай Андрей Болотов киллэрбитэ. Кини Арассыыйаҕа бастакынан хортуоппуйу клумбаҕа буолбакка оҕуруокка үүннэрэр буолбут, инньэ гынан «иккис килиэп» тарҕаныытыгар олук охсубута.
  • 1789 — Францияҕа өрөбөлүүссүйэ кэмигэр Киһи уонна гражданин бырааптарын декларацията ылыллыбыт. Декларация төрдүгэр киһи барыта төрүөҕүттэн тэҥ бырааптааҕа уонна көҥүлэ ууруллубут. Киһи уонна гражданин бэйэтэ айылҕатынан бас билэр бырааптарынан киһи тус (личность) көҥүлэ, тыл көҥүлэ, итэҕэл көҥүлэ, баттабылга утарылаһар кыахтааҕа биллэриллибиттэр.
  • 1862 — өр сылларга Дүпсүн улууһугар олорбут Нөмүгүттэн төрүттээх Василий Никифоров бэйэтин дьиэ кэргэнинээн Тэбиик нэһилиэгэр суруйар туһунан көрдөһүү киллэрбит. Ол сыл Дүпсүн улууһун ыстаарыһата буолбут. Бу — саха чулуу киһитин Күлүмнүүр аҕата.
  • 1866 — Шамиль Арассыыйа ыраахтааҕытыгар андаҕар биэрбит.
  • 1907 — Күлүмнүүр «Манчаары түөкүн» пьесата аан бастаан бэчээттэнэн тахсыбыт.
  • 1920 — ВЦИК уонна РСФСР Совнаркомун дэкириэтинэн Кыргыыс АССР тэриллибит. 1925 сылтан аата уларыйан Казаах АССР буолбута, онтон 1936 сылтан союзнай өрөспүүбүлүкэ статуһун ылбыта. Билигин — Казахстаан Өрөспүүбүлүкэтэ.
  • 1923 — Владивостоктан «Ставрополь» борохуотунан кэлбит кыһыл этэрээт Орто Халыманы үрүҥнэртэн босхолообут. Сотору кэминэн үрүҥнэр тобохторо хотугу улуустарга барыларыгар кэйгэллэммиттэрэ.
  • 1991 — Атырдьах ыйынааҕы путч кэнниттэн биэс күн ааспытын кэннэ Сэбиэскэй Сойуус Хомуньуус Баартыйатын (КПСС) үлэтэ тохтотуллубут.
  • 2008 — Грузия уонна Соҕуруу Осетия ыкардыларыгар сыһыан аһара сытыырхайбытын уонна Арассыыйа атырдьах ыйын 8 күнүгэр саҕаламмыт сэриигэ кыттыбытын кэннэ, Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Дмитрий Медведев Абхазия уонна Соҕуруу Осетия тутулуга суохтарын билинэрин туһунан ыйаах таһаарбыт.

Төрөөбүттэр:

  • 1910 — Ийэ Тереза — дьадаҥы уонна ыарыһах дьоҥҥо көмөлөспүт манаах дьахтар, католик, омугунан албанка. Амарах сүрэх итэҕэл уордьанын олохтообута, 1979 сыллаахха Нобель Эйэ бириэмиэйтин анаммыта.
  • 1946 — Алексей Михайлов — нууччалыы суруйбут саха бэйиэтэ уонна литэрэтиирэ кириитигэ, филология билимин хандьыдаата. «Кыымҥа» эрэдээктэрдии сылдьыбыта. Кэргэнэ эмиэ биллиилээх литэрэтиирэ кириитигэ Марта Михайлова.

Өлбүттэр:

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА