Горнай улууһун Атамай нэһилиэгин олохтоохторо ханнык да быыбарга өрүү көхтөөхтүк кытталлар. Суруйар edersaas.ru
РФ Конституциятыгар көннөрүүлэри киллэриигэ Атамайдааҕы быыбардыыр учаастак салайааччытын солбуйааччы Мотрена Филиппова кэпсиир:
— Нэһилиэкпитигэр 600-тэн тахса киһи олорор. Онтон быыбардааччыта — 326 киһи. Бу дьонтон 290 киһи номнуо куоластаата. 40-ча киһи куоластыыра хаалла. Саҥа быыбардааччыларга өйдөбүнньүк туттардыбыт.
Сайаапканан дьиэлэригэр 85 киһини, 8 киһини ыраах сытар сирдэргэ (сайылыктарга) бэйэбит тиийэн куоластаттыбыт.
Атамай нэһилиэгин дьоно барыга бары олус көхтөөх. Быыбар аайы дьон бэйэтин баҕатынан кэлэн куоластаан, 90%-тан өрүү тахсааччыбыт. Онон көхтөөх дьон бу да сырыыга хото куоластаан, санааларын этиннилэр.
Быыбардыыр хамыыһыйа чилиэннэрин үлэтэ сарсыарда 7.30 чаастан саҕаланар. 8 чааска ааннара тэлэччи аһыллар. Киэһэ 8 чааска үлэлэрин түмүктүүллэр. Ыһыктарын дьиэлэриттэн аҕалан, бэйэ-бэйэлэрин солбуһан, чэйдээн, сынньанан ылаллар. Икки чаас буола-буола быыбардыыр учаастагы дизенфекциялыыллар, салгылаталлар. Бары санитарнай ирдэбили толороллор. Биир да температуралаах киһи суох. Барыта этэҥҥэ.