29 Муус устар 29.04
  • -4°
  • $ 91,78
  • 98,03

Артур Пахомов аатыгар бокска турнир норуоттар ардыларынааҕы суолталаныаҕа

14:33, 26 декабря 2023
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Россия бокска үтүөлээх тренерэ Артур Пахомов аатынан турниры норуоттар ардыларынааҕы таһымҥа таһаарар былааннаахтар. Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга Россия таһымнаах турнир ыытылынна, суруйар ЯСИА.

«Кэлэр өттүгэр турниры норуоттар ардыларынааҕы оҥорор былааннаахпыт. Быйыл Россия таһымыгар аһаҕас турнир буолла, биир тас дойду кытынна. Туриниры сылын аайы ыытарга соруктаахпыт», — диэн ЯСИА-ҕа Ил Түмэн депутата Георгий Балакшин эттэ.

Аһаҕас турнир «Триумфка» Россия 13 регионуттан 90 спортсмен уонна Монголия хамаандата кыттыылаах ыытылынна.

Саха сирин боксёрдара түөрт кыһыл көмүс мэтээли иилиннилэр. Атыттарын Алтай, Хабаровскай, Красноярскай кыраайдар, Иркутскай, Новосибирскай уобаластар, Бурятия бэрэстэбиитэллэрэ илдьэ бардылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА