Саха сирин бырабыыталыстыбата Арктика улуустарыгар көтөр регион иһинээҕи рейстарга эбии федеральнайдааҕы үбүлээһини туруорсар. Оччотугар субсидиялаах миэстэ эбиллиэҕэ. Ол туһунан отчуот кэмигэр РФ президенигэр өрөспүүбүлүкэ бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Андрей Федотов иһитиннэрдэ, суруйар СИА.
РФ президенигэр өрөспүүбүлүкэ бастайааннай бэрэстэбиитэлэ — СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Андрей Федотов отчуот кэмигэр тырааныспар хайысхатыгар сайдыыны кэпсээтэ.
Кини бэһис Илиҥҥи экономическай форум кэмигэр Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин хас биирдии олохтооҕор тырааныспарынан хааччаҕа суох айаны тэрийии сүрүн сорук буоларын эппитин санатта.
«Бырагыраама ылыллыбыта уонна тырааныспар хайысхатын тосхолунан буолар. Бастатан туран, субсидиялаах авиакөтүүлэр. Бу сылтан Уһук Илин уокурук олохтоохторо киин куоракка айанныылларыгар маннык чэпчэтиини туһаналлар», — диэтэ Федотов.
Маны сэргэ өрөспүүбүлүкэ иһигэр авиа-айан сайдыытыгар бырагыраама үлэтэ ыытыллара этилиннэ.
«Быйыл, 2021 сыл дохуота үчүгэй буолан, эбии үбүлээһининэн туһаныы кыаҕа баар. Билигин Арктикаҕа хас рейс аайы 10 миэстэ — субсидиялаах. Ортотунан билиэт сыаната — 11 тыһ солк», — диэтэ кини.
Андрей Федотов билигин федеральнайдааҕы бюджеттан регион иһигэр көтүүлэргэ эбии үбүлээһин сууматын көрүүгэ бырабыыталыстыба уурааҕа бэлэмнэнэрин иһитиннэрдэ.
«Оччотугар субсидиялаах миэстэ ахсаана эбиллиэҕэ, рейска 15-20 миэстэ. Маны сэргэ биһиги федеральнайдааҕы үбүлээһин олохтоох сырыыларга эмиэ оҥоһулларыгар үлэ ыытабыт», — диэтэ кини.