Бу күннэргэ Хабаровскайга боксаҕа Арассыыйа чемпионата буолуоҕа. Өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар Саха сирин уон икки бастыҥ боксёра киирдэ, кинилэр номнуо күрэхтэһии буолар сиригэр тиийэн эрчиллэ сылдьаллар.
«Арассыыйа боксаҕа чемпионатын бастакы киирсиилэрэ атырдьах ыйын 17 күнүттэн саҕаланыахтара. Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар уон икки бастыҥ спортсмен киирдэ. Хамаанда Хабаровскайга баар уонна мэтээл иһин киирсэргэ бэлэмнэнэр», — диэн өрөспүүбүлүкэ боксаҕа федерациятын толорооччу дириэктэрэ Алексей Индеев иһитиннэрдэ.
Хабаровскайга рингэҕэ барыта уон икки тахсыаҕа: Рустам Туприн, Рустам Дьяконов (48 кг), Василий Егоров, Талбан Егоров, Мухаммад Исмаилов, Николай Григорьев (51 кг), Айаал Степанов (54 кг), Михаил Варламов, Ян Алексеев (57 кг), Николай Пшенников (60 кг), Назар Андреев (80 кг). Дойду чемпионата атырдьах ыйын 17-26 күннэригэр ыытыллыаҕа. Уон үс ыйааһыҥҥа күрэхтэһии кыайыылаахтара Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар киириэхтэрэ.