22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Арассыыйаҕа фермердэри гранынан өйөөһүҥҥэ Саха сирэ инники күөҥҥэ турар

15:26, 10 октября 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирэ Москваҕа ыытыллыбыт «Кыһыл көмүс күһүн» быыстапкаҕа кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаланна. Бириэмийэ 2015 сыл түмүгүнэн дьоҕус хаһаайыстыбалары гранынан өйөөһүн көдьүүстээх тэрээһиннэр иһин бэрилиннэ.


Быыстапка кэмигэр буолбут семинарга үрдүк наҕарааданы үөрүүлээх быһыыга-майгыга өрөспүүбүлүкэ вице-премьерыгар-тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистиригэр Петр Алексеевка туттардылар.

Семинары Арассыыйа тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин салалтатынан үлэлиир тыа сирин сайыннарыы департаменын дириэктэрэ Владимир Свеженец иилээн-саҕалаан ыытта.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА