Арассыыйа бырабыыталыстыбата тохсунньу 1 күнүттэн 2023 сылга диэри кыаммат дохуоттаах ыалларга универсальнай босуобуйаны киллэрэр, онно билигин баар бары төлөбүрү холбуур. Бу туһунан РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустин РФ бырабыыталыстыбатын мунньаҕар иһитиннэрдэ диэн, ТАСС биллэрэр.
«Тохсунньу 1 күнүттэн алын дохуоттаах ыалга универсальнай босуобуйаны киллэрэр туһунан этиллэр. Бу төлөбүр социальнай көмүскэл биир кэккэ дьаһалларын, ол иһигэр оҕо төрөөһүнүнэн эбэтэр иитиитинэн сибээстээн үс саастарыгар диэри бэриллэр төлөбүрдэри холбуур», — диэтэ премьер.
Саҥа босуобуйаны эрдэ учуокка турбут хат дьахталларга уонна тиийиммэт-түгэммэт көмөҕө наадыйааччыларга эмиэ ананыаҕа. Бу босуобуйаны оҥорторорго эбии ыспыраапката суох сайабылыанньа эрэ биэриэххэ наада. Маны МФЦ-га эбэтэр пенсионнай уонна социальнай страховкалааһын пуондаларыгар, госуслуга порталыгар ҥоруохха сөп.
«Судаарыстыба чахчы биир кэлим, аадырыстаах өйөбүлүнэн эрдэттэн учоукка турбут хат дьахталлартан саҕалаан оҕо улаатыар диэри көмөнөн хааччыйыаҕа. Бу өйөбүл 10 мөл. кэриҥэ оҕолоох ыаллары хабыаҕа», — диэн Мишустин кэпсээтэ.