23 Сэтинньи 23.11
  • -25°
  • $ 102,58
  • 107,43

Анаабырга Николай Андросов 80 сылын бэлиэтээтилэр

10:45, 03 марта 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, ССРС кыраныыссаны харабыллыыр сэбилиниилээх күүстэрин туйгуна, СӨ норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх, СӨ Бочуоттаах гражданина, улуус Бочуоттаах олохтооҕо Николай Егорович Андросов Анаабыр улууһун бастакы баһылыгынан үлэлээбитэ. Бу күннэргэ сүдү киһибит төрөөбүтэ 80 сылын бэлиэтиир тэрээһиннэр ыытылыннылар.


Кинини өссө тыыннааҕар «Арктика аксакала», «Анаабыр президенэ» диэн ааттыыллара. Николай Егорович үйэ уларыйыытын быыһык кэмигэр, улуус биир кэлимник сайдар дьылҕатыгар туохха да тэҥнэммэт үтүө өҥөлөөх салайааччы буолар. Кини тыа хаһаайыстыбатыгар, дьоҕус бизнес сайдыытыгар , доруобуйа харыстабылыгар, тутууга, үөрэхтээһиҥҥэ о.да.а эйгэҕэ хас эмэ уонунан сылларга уруттаан былааннаабыт бырагыраамалара олоххо киирэннэр, билигин да үлэлииллэр.

Сатабыллаах салайааччы, улуус бастакы баһылыга Николай Андросов аатын үйэтитэр сыаллаах, «Алмаас» этно-култуурунай кииҥҥэ «Ратую за светлое завтра коренного населения якутского севера» диэн конференция буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ Николай Егоровиһы кытта бииргэ үлэлээбит, алтыспыт дьон уонна оскуола оҕолоро кыттыыны ыллылар.

Тэрээһин биир кэскиллээх быһаарыытынан Н.Е. Андросов аатынан стипендияны сөргүтэн, үрдүк уонна орто үөрэх кыһаларыгар туйгуннук үөрэнэр устудьуоннарга анааһын уонна таба иитиитигэр үрдүк көрдөрүүлээх эдэр табаһыттарга 100 тыһыынча суумалаах граны олохтуур туһунан уураах ылыныыта буолла.

Киэҥ ыҥырыылаах тэрээһин Николай Егорович олоҕун, үрдүк таһаарыылаах үлэтин көрдөрөр народнай театр артыыстарын толорууларыгар спектаклы, В. Венделовскай «Арктика Николая Егоровича Андросова» диэн киинэтин көрүүнэн түмүктэннэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА