СӨ бырабыыталыстыбата өрөспүүбүлүкэ баһаарынай чаастарын материальнай-техническай базаларын тупсарыыга анаан 116 баһаарынай массыынаны улуустарга түҥэттэ.
Анаабыр оройуонугар икки «Урал АЦ-40» маркалаах баһаарынай массыына бэрилиннэ. Бу анаммыт массыыналары ,куораттан кулун тутар 25 күнүгэр чаас үлэьиттэрэ бэйэлэрэ сүүрдэн аҕаллылар. Массыынаҕа үлэһиттэр таҥастара-саптара уонна баһаарынай туттар тэрил кэллэ.
Былаан быьыытынан биир массыынаны Сааскылаах 1 N-дээх баһаарынай чааьыгар (ПЧ-1), оттон биирин Үрүҥ Хайатаа5ы 2 N-дээх дьоҕус баһаарынай чааска (МПЧ-2) анаатылар.