Быйылгы куонкурус СР Култууратын туйгуна, СР Ырыа айааччыларын чилиэнэ, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ кавалера, Анаабыр улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, фестивалы төрүттээччи Афанасий Афанасьевич Андросов 55 сааһыгар ананна.
«Анаабыр үрүҥ түүннэрэ» фестиваль үгэс быһыытынан эдэр талааннары арыйар доҕордоһуу түһүлгэтэ буолар. Быйылгы күрэххэ 13 биирдиилээн толорооччу, 2 дуэт кыттан тургутустулар.
Күрэххэ сыл аайы ыаллыы Өлөөн улууһун Дьэлиҥдэ нэһилиэгиттэн эдэр ыччат кыттар. Балаһыанньа быһыытынан икки ырыаны толордулар: бастакы түһүмэххэ Афанасий Андросов ырыаларыттан, иккискэ көҥүл тиэмэҕэ. Бары кыттааччылар ыллыыр таһымнара үрдүгүн, сыанаҕа уобарастарын арыйбыттара кэрэтин көрөөччүлэр бэлиэтээтилэр.
«Гран-при үрдүк аатын ылыах кэрэ куоластаах кыттааччы аҕыйаҕа суох. Дьүүллүүр сүбэ түмүгүн таһаарарыгар тыҥааһыннаах үлэ барда», — диэтэ сүбэ бэрэссэдээтэлэ Егор Толбонов.
Түмүккэ, Далан Туприн бастыҥынан ааттанна уонна сүрүн бирииһи ноутбугу бэлэх тутта.
«Фестиваль бэркэ ааста. Кыттааччылар дьоһуннук кытыннылар. Урут уруккуттан үрүҥ хайалар ырыаҕа талааннаахтаахтарын билэбит. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытыгар урут уруккуттан орооспоппун, быһаарыытын утарсыбаппын, мөккүспэппин. Хас биирдии киһи бэйэтэ тус санаалаах. Биһиги фестивалы норуокка диэн анаан тэрийэн ыытабыт. Саамай улахан сыанабыл көрөөччү сыанабыла буолар. Көрөөччү астыммыт буоллаҕына, биһиги үлэбит түмүгэ онон көстөр», — диэн Афанасий Андросов санаатын эттэ.