23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Амма улууһун болугурдара буойуннарын өйүүр көмө аахсыйа тэрийдилэр

18:06, 17 октября
Хаартыска: Амма олоҕо
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Болугурдар «Үтүө санаа түөлбэтэ» диэн байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарыгар көмөлөһөр аахсыйаны быйыл иккис төгүлүн ыыттылар.

Болугур нэһилиэгэр М.А. Ноговицын аатынан култуура киинэ көҕүлээн, былырыыҥҥыттан олоҕурбут нэһилиэк бүттүүн кыттар «Үтүө санаа түөлбэтэ» диэн аахсыйабыт быйыл иккис төгүлүн ыытылынна. Ол курдук бу аайсыйаҕа киирбит үп – харчы кыһалҕалаах дьоммутугар барар.

Быйыл СӨ судаарыстыбаннаһын күнүн кытта тэҥҥэ атыы – эргиэн, көмө аахсыйабытын нэһилиэк түмсүүлэрэ, тэрилтэлэрэ, биирдиилээн дьон кыттыылаах ыыттыбыт. Уопсайа 34 000 солкуобай киирэн, үп – харчы байыаннай дьыалаҕа сылдьар уолбутугар көмө быһыытынан биир сүбэнэн ыытылынна. Күндү дьоммутугар кыттыбыккытыгар махталбытын тиэрдэбит, бу курдук түмсүүлээх буолуоҕуҥ.

Евдокия Платонова, Амма олоҕо

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА