22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Амма улууһугар түөрт хочуолунай үлэҕэ киирдэ

20:12, 07 апреля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Муус устар 6 күнүгэр Амма улууһугар түөрт саҥа хочуолунай үлэҕэ киирдэ. Ол курдук, Алтан, Мээндигэ уонна Абаҕа нэһилиэктэригэр. Бу объектар «ОДьКХ» ГУП инвестиционнай бырагырааматын чэрчитинэн тутулуннулар.


Түөрт хочуолунайы үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыыга Амма улууһун баһылыга Николай Архипов, «Биир ньыгыл Россия» улуустааҕы салаатын салайааччы Степан Бурнашов, «ОДьКХ» ГУП кылаабынай инженерин эксплуатацияҕа солбуйааччы Юрий Сутемьев, уо.да.а. кытыннылар.

Алтан нэһилиэгэр тутуллубут «Школа» саҥа хочуолунай кыамтата 5,76 МВт. Объегы хаһаайыстыбаннай ньыманан олохтоох коммунальнай хаһаайыстыба үлэһиттэрэ тутан үлэҕэ киллэрдилэр. Билигин оскуоланы, оҕо саадын, балыыһаны уонна чааһынай дьиэлэри итиинэн хааччыйар. Алтаннааҕы коммунальнай хаһаайыстыба маастара Александр Стручков этэринэн, бу үлэҕэ киллэрбит маҥнайгы объектара буолбатах, өссө 2014 сыллаахха «СДК» хочуолунайын бэйэлэрин күүстэринэн туппуттар.

«Альянс-2005» ХЭУо Мээндигэҕэ эргэ хочуолунайы саҥардан, Ижевскэй собуокка оҥоһуллубут 1,44 МВт кыамталаах түөрт хочуоллаах саҥа хочуолунайы үлэҕэ киллэрэри ситистэ. Саҥа объект кыамтата улаатан, быйыл эбии 22 чааһынай дьиэни холбуохтара.

Абаҕа олохтоохторугар икки бүк үөрүүлээх түгэн буолла. Ол курдук, «Киин» эргэ хочуолунай саҥардан оҥоһуллубутун сэргэ, иккис саҥа хочуолунай үлэҕэ киирдэ. Дьиҥэр, иккиэн былырыын сэтинньигэ үлэлээбиттэрэ эрээри, саҥа объектар үлэлээн, бэйэлэрин үчүгэй өттүттэн көрдөрбүттэрин кэнниттэн быйыл муус устарга бырааһынньыктаатылар. Абаҕа нэһилиэгин баһылыга Михаил Ефремов этэринэн, саҥа хочуолунайдар үлэҕэ киирбиттэринэн, социальнай суолталаах объектары тутуу боппуруоһа быһаарыллар кыахтаммыт. Итини тэҥэ, эбии итиинэн 75 ыал туһаныаҕа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА