22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Амма улууһа Олоҥхо ыһыаҕар бэлэм

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүгүн Амма улууһугар СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников салайар дэлэгээссийэтэ Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэтин көрө-истэ сылдьар.

Салайааччы бэлиэтээбитинэн, үс нэдиэлэ анараа өттүгэр үлэ хаамыыта 70% бэлэм эбит буоллаҕына, бүгүҥҥү күҥҥэ 90% бэлэм.

Хаартыска: sakha.gov.ru

«Дуогабар быһыытынан былааннаммыт үлэ барыта бэс ыйын 10 күнүгэр диэри түмүктэнэн, бэс ыйын 12 күнүгэр култуурунай бырагыраама кыттыылаахтара Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн тэрээһиннэригэр бэлэмнэнэн барыахтара. Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии олох көхтөөхтүк бара турара харахха быраҕыллар. Амма улууһугар өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах суолталаах тэрээһин ыытыллар усулуобуйата бары өттүттэн тэриллибит. Онон ыалдьыттар уонна олохтоохтор национальнай бырааһынньыгы умнуллубаттык бэлиэтииллэригэр толору эрэл баар», — диэн бэлиэтээтэ Сергей Местников, суруйда Саха сирэ саайт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА