Көмүс күһүнү кытта дугуйданан хомуур үлэтэ саҕаланар. Саһарчы буспут бурдуктаах буолактарга бааһына хараабыллара-комбайннар киирэн оргууй устан көмүс туорахтаах кинилэр тастарыгар сылдьар массыыналарга кутуллар.
Билигин турар ылааҥы, кураан күннэри баттаһа хомуур үлэтэ өрөбүл күннэри аахсыбакка ыытыллар. Улууспут бурдугу үүннэрэр биир улахан хаһаайыстыбатынан «Амма бурдуга“ ХЭТ буолар. Тэрилтэ бурдугу харайар, ыраастыыр сиригэр арҕаа дэриэбинэҕэ өрөбүл күн тиийэ сырыттым.
Олбуорга киирээт бурдук кутар эстакадаҕа КАМАЗ массыына кэлэн бурдук сүөкүү турарын көрдүм. Аллараа ыраастаммыт бурдук МТЗ тыраахтыр прицебыгар түһэр. Бу прицеп 7 тоннаалаах эбит.
— Бурдук быстарыыта балаҕан ыйын 1 күнүттэн саҕаламмыта. Күҥҥэ уонтан тахса КАМАЗ массыына кэлэр. Бурдук ити үөһээ бункерга кутуллан баран ыраастыыр массыына нөҥүө баран бу кэлэн түһэр. Мин бу бункерга түспүт бурдук барыытын көрөн, аһан-сабан хонтуруоллаан биэрэбин, — диэн кэпсиир С.В. Мелентьев. Кини маны тэҥэ ток харабыла эбит. Ток сэбиэдиссэйинэн Р. Н. Сунграпов үлэлиир. Ринчи Николаевич этэринэн быйыл үүнүү куһаҕана суох. Ордук эбиэс үчүгэйдик үүммүт. Биир гаттан ортотунан 20 центнер кэлэ турар. Кинини кытта харабыл хоһугар киирэн учуот тэтэрээтин көрөбүт. Онно көстөрүнэн балаҕан ыйын 9 күнүн туругунан ньэчимиэн 118,940 тонна, сэлиэһинэй 78520 тонна, 118,450 тонна кэлэн сүөкэнэн ыраастаммыт. Билиҥҥитэ ыскылаакка сүөкэнэн сыталлар. Балаҕан ыйын 12 күнүттэн үөрэнээччилэр практикаҕа кэлиэхтээхтэр.
— Сарсыарда 9 чаастан киэһэ хойукка диэри үлэлиибит. Кэлбит массыынаны ыйааһыннаан иьэбин. Биир массыына ортотунан 6,200 тонна курдук бурдугу аҕалан сүөкүүр. Онтон таһаардахха күҥҥэ уопсайа 80-тан тахса тонна буолар, -диэн ток сэбиэдиссэйэ күннээҕи үлэһитин сэһэргиир.
… Бурдугун сүөкээн баран төттөрү айаннаабыт массыына кэнниттэн өр өтөр буолбакка иккис массыына тигинээн кэлэн үөрүйэхтик ыйааһын үрдүгэр киирэн турунан кэбистэ. Онтон бүтээт эстакада үрдүгэр тахсан сүөкүүргэ бэлэмнэннэ. Уочараттаах үлэ саҕаланнаҕа. Сотору көмүс туораах курулуу сүөкэнэн уйгу-быйаҥ ырыатын ыллыаҕа, хомуур кэрэ көстүүтүн кэрэһэлиэ.