Америкаҕа, арҕаа Европаҕа Хэллоуин, Арассыыйаҕа хамсаныы тылын тылбаасчытын, силиэстийэ хаайыытын уонна түрмэ үлэһиттэрин күнэ. Сыл бүтүө 61 күн баар. Бу күн Иосиф Сталин өлүгэ мавзолейтан таһаарыллан, Кремль эркинин анныгар көмүллүбүт. Революционер, Саха сиригэр сэбиэскэй былааһы, автономнай өрөспүүбүлүкэни олохтоспут, саха литературатын төрүттээччи Былатыан Ойуунускай олохтон туораабыт.
Бэлиэ күннэр:
-
- Хэллоуин
- Арассыыйа — Хамсаныы тылын тылбаасчытын күнэ.
- Арассыыйа — Силиэстийэ хаайыытын уонна түрмэ үлэһиттэрин күнэ.
- Ииндийэ — Сомоҕолоһуу күнэ.
Түбэлтэлэр:
- 1811 — Санкт-Петербург таһыгар Царскай селоҕа Император лиссиэйэ аһыллыбыт — дворяннар оҕолоругар аналлаах үөрэх кыһата. Лиссиэй Александр Пушкин үөрэммит сирэ буоларынан биллэр. 1843 сыллаахха үөрэх кыһата киин куоракка Петербурга көспүт уонна Александровскай диэн буолбут. 1918 сыллаахха Совнарком уурааҕынан сабыллыбыт.
- 1857 — Лаамы байҕалын кытылыгар сытар Үт (Чумикан) сирэ Саха уобалаһыттан Приморье уобалаһыгар бэриллибит. Билигин бу Хабаровскай кыраай сирэ.
- 1913 — АХШ сирин-уотун байҕалтан байҕалга диэри туоруур бастакы шоссе, Линкольн шоссета, аһыллыбыт.
- 1960 — Бүлүү өрүһүгэр ГЭС тутуллан бүппүт.
- 1961 — Иосиф Сталин өлүгэ Кыһыл болуоссакка баар мавзолейтан таһаарыллыбыт уонна Кириэмил эркинин анныгар көмүллүбүт. Бу саҕана Сталиҥҥа сүгүрүйүүнү утары үлэ барбыта: Сталинград Волгоград буолбута, Сталинабад — Душанбе, дойду үрдүнэн Сталин мэҥэ таастарын көтүрбүттэрэ.
- 1967 — Таас Тумус — Дьокуускай гаас ситимэ үлэҕэ киирбит, Дьокуускайга аан маҥнай гаас кэлбит.
- 1968 — Амматааҕы норуот тыйаатыра аһыллыбыт.
- 1968 — Майа бөһүөлэгин тутуутун сүрүн былаана ылыныллыбыт.
- 2011 — Аан дойду дьонун ахсаана 7 миллиард буолбут.
- 2018 — Ииндийэҕэ аан дойду саамай үрдүк статуята — 240 миэтэрэлээх Сомоҕолоһуу Мэҥэтэ — аһыллыбыт. Бу Валлабхаи Патель диэн Ииндийэ босхолонуутун туһугар турууласпыт норуот биир басханын мэҥэ тааһа.
Төрөөбүттэр:
- 1711 — Степан Крашенинников — Камчаатканы чинчийээччи.
- 1760 — Хокусай — аатырбыт Дьоппуон уруhуйдьута. Кини саамай биллиилээх үлэтинэн «Фуджи хайа отут алта көстүүтэ» (富嶽三十六景) диэн маска ойууламмыт гравюралар сиэрийэлэрэ буолар.
- 1895 — Дмитрий Муксунов — Саха АССР үтүөлээх учуутала, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, норуот үөрэҕириитин туйгуна.
Өлбүттэр:
- 1939 — Былатыан Ойуунускай — революционер, ил уонна баартыйа диэйэтэлэ, Саха сиригэр сэбиэскэй былааһы уонна автономиялаах өрөспүүбүлүкэни олохтоспут киһи, саха литэрэтиирэтин төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ. Кини тэрийсибит тэрилтэлэрэ — Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын институута, Бичик кинигэ кыһата, Саха сирин суруйааччыларын сойууһа, Саха суругун-бичигин Кэмитиэтэ, ону кытары билигин суох Саха национальнай байыаннай оскуолата (ЯНВШ).
- 1993 — Федерико Феллини — Италия киинэ оҥорооччута, режиссера. Феллини киинэлэрэ фантазияны уонна түүлү холбуур киинэлэр буолаллар.
- 1994 — Ииндийэ баһылыга Индира Ганди өлбүт.
- 2009 — Цянь Сюэсэнь — кытай учуонайа, чинчийээччитэ, Кытай халлаан куйаарын программатын төрүттээччи, АХШ куйаар программатын кыттыылааҕа, Кытай баллистическай ракеталарын оҥорбут киһи.