Таможенник күнүн Арассыыйаҕа 1995 сыллаахтан бэттэх саҥа бэлиэтииллэр. Дьиҥэр бу күн 1653 сыллаахха алтынньы 25 күнүгэр ылыллыбыт атыы-эргиэн устаабыгар сөп түбэһиннэрэн олохтоммут. Ити устаап ыраахтааҕы Алексей Романов Москваҕа уо.д.а. куораттарга киирэр табаардарга таможеннай төлөбүрү олохтуурун туһунан ыйааҕар олоҕурбут.
Алтынньы 25 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 299-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 300-c күнэ). Сыл бүтүө 66 күн баар.
Бэлиэ күннэр:
- ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы дьахталлар эйэ иһин туруулаһыыларын күнэ
- Арассыыйа — Таможенник күнэ
- Арассыыйа — Кабель бырамыысыланнаһын үлэһитин (кабельщик) күнэ
- Литва — Конституция күнэ
- Беларусь — Миэлиҥсэһиттэр бырааһынньыктара
- Казахстан — Өрөспүүбүлүкэ күнэ
- Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ (Тайвань) — Ретроцессия (атын дойду былааһыттан төннүү) күнэ
Түбэлтэлэр:
- 1415 — Англия уонна Франция ыккардыларынааҕы Сүүс сыллаах сэрии кэмигэр улахан Азенкур кыргыһыыта буолбут. Кыргыһыыга Англия уһун саалаах охчуттара бадарааҥҥа батыллыбыт Франция аттаах рыцардарын кэйгэллээбиттэр.
- 1616 — Нидерланды байҕал хапытаана Дирк Хартог Европа дьонуттан бастакынан Австралия буоругар үктэммит.
- 1925 — Дьокуускайга тыа хаһаайыстыбатын техникума аһыллыбыт. Техникумҥа маҥнай соҕотох зоотехника салаата эрэ баар эбит, 1927 сыллаахха ветеринарнай салаа эбиллибит. Онтон 1941 сыллаахха хонуу культуураларын көрүү салаата үөскээбит.
- 1945 — Тайвань арыыта 50 сыллаах Дьоппуон импиэрийэтин былааһыттан Кытай Өрөспүүбүлүкэтигэр төннөрүллүбүт.
- 1971 — ХНТ-га Кытай Дьон Өрөспүүбүлүкэтэ Кытай Өрөспүүбүлүкэтин (Тайваны) солбуйбут.
- 1990 — Казахстан сүбэринитиэтин декларацията ылыллыбыт.
Төрөөбүттэр:
- 1858 — Эдуард Пекарскай — лингвист, этнограф, фольклорист, ССРС наукаларын Академиятын бочуоттаах чилиэнэ (1931). Нуучча географияны чинчийэр уопастыбатын этнография отделениетын сэкиритээрэ, сахалар уонна эбэҥкилэр этнографияларын тустарынан үлэлэр ааптарадара, бастакы фундаментальнай саха тылын тылдьытын оҥорбут киһи.
- 1914 — Александра Овчинникова — 1963—1980 сыллардаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэстээтэлэ. Марха улууһун (билигин Ньурба улууһун) Тыалыкы нэһилиэгэр (билигин Өктөөбүр нэһилиэгэ диэн ааттаах, киинэ Антоновка сэлиэнньэ) төрөөбүтэ.
- 1917 — Бүөтүр Тобуруокап — Саха народнай поэта, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1957), Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. Бүөтүр Тобуруокап хоһоонноругар мелодистар дьон-сэргэ уостан туһэрбэт үгүс ырыаларын айбыттара.
- 1930 — Мария Варламова — П. А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын артыыһа, Саха АССР үтүөлээх артыыһа (1978).
- 1946 — Павел Бородин — 1992—1993 сыллардаахха Дьокуускай куоратын мэрэ, Бүлүү улууһун Ытык олохтооҕо.
Өлбүттэр:
- 1943 — Степан Васильев — уопсастыба уонна ил диэйэтэлэ, саха биллиилээх революционера, Саха Өрөспүүбүлүкэтин автономиятын төрүттэспит дьонтон биирдэстэрэ. Иркутскайга хомсомуолу тэрийсибит дьонтон биирдэстэрэ, Саха сиригэр хомсомуол бастакы тэрийэр мунньаҕын эмиэ кини оҥорбута. Ону кытары «Алданзолото» треһи төрүттэспитэ. Ньурба улууһугар кини аатынан сопхуос ааттаммыта.