22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Александр Жирков Уус-Алдаҥҥа тутуу хаамыытын көрдө

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ааспыт нэдиэлэ бүтүүтүгэр Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков Уус Алдаҥҥа ыытылла турар тутуулар хаамыыларын билистэ. Чуолаан улуус киинин Бороҕон иһинээҕи тутууларга сырытта. Кинини кытта СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка миниистирэ Леонид Спиридонов уонна улуус салайааччылара сырыттылар.

Бастакытынан, Бороҕон саамай киинигэр, көстүүлээх сиригэр тутулла турар спортивнай комплексы көрдүлэр. Бу тутуу сорох сваялара түһүөхтээх сирдэрэ ситэ тоҥмот буоланнар тутууну бытаардыбыттара. Ол билигин анал технология туттуллуутун түмүгэр тоҥор буолбутун туһунан тутааччылар иһитиннэрдилэр. Онон комплексы кэмигэр үлэҕэ киллэриэхпит дииллэр. Ол эбэтэр ахсынньыга үлэҕэ киириэхтээх. Александр Николаевич бу тутууга ситэ тиийбэт үбү РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин Саха сиригэр кэлэ сылдьан ситэриэх буолбутунан, комплекс кэмигэр үлэҕэ киириитигэр боппуруос суох буолуохтааҕын туһунан эттэ.

Салгыы 450 миэстэлээх Мүрү 2№-дээх оскуолатын тутуутун хаамыытын билистилэр. Бу оскуола тутуутугар туох да бытаарыы суох, онон ахсынньы ыйга үөрэнээччилэргэ аанын тэлэччи арыйарга бэлэм диэтилэр. Тутуу хаамыытыттан да көрдөххө ол кыаллар туруктаах.

Мындаабатааҕы күөн күрэс спортивнай комплексыгар Саха сирин норуоттарын VIII-с спортивнай оонньууларын күрэхтэһиилэрэ ыытыллыбыттара. Ол эрээри, ситэрии-хоторуу үлэтэ дьэ, ситэн эрэр эрээри, толоруу хаачыстыбатыгар этии элбэх буолла. Александр Николаевич: “Бу тутуу барыытыгар элбэх боппуруостар турубуттара. Ол курдук графиктан хаалыы баарын иһин түмүктэнэр болдьоҕо хаста эмит көһөрүллүбүтэ. Тас өттүн бетоннааһына, тротуарын плиталарын ууруу күрэхтэһии буолаары эрэ турдаҕына бэрт ыксалынан оҥоһуллубута. Ол түмүгэр хаачыстыбата быстар мөлтөх. Бу бэдэрээччит эппиэтинэһэ суоҕун уонна мөлтөх үлэтин көстүүтэ. Мээнэ баллырдааһын диэн көрөбүн. Харчы көрүллүбүтэ, онон көннөрөн хаачыстыбалаахтык оҥорон туттарыҥ!” — диэн бэдэрээччиттэргэ туһаайан тоһоҕолоон эттэ.

Онтон салгыы “Майаҕатта Бэрт Хара” стадиоҥҥа тиийэн тутуу түмүк түһүмэҕэ үчүгэйдик барбытын, бытархай көннөрүүлэр баалларын толороллоругар эттэ. Бу стадион улууспутугар кэлбит ыалдьыттарга киэн туттан, астынан туран көрдөрөргө сөптөөх буолбутуттан үөрбүтүн биллэрдэ.

Афанасий Сектяев

Хаартыскалар улуус пресс-кииниттэн ылылыннылар

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА