“Хартыынаҕа биир омук атын омукка тэҥэ суоҕун көрдөрүү баар: биир омук үтүө өрүттэрэ атын омук түктэри майгытыгар соруйан тэҥнээһин курдук көрдөрүллэр”, — диэн быһаарыыны Роскомнадзор бэрэстэбиитэлэ РБК саайтка тиэрдибит. Номнуо икки бөдөҥ видеосервис киинэни каталогтарыттан суох оҥорбута биллэр.
Режиссер Степан Бурнашев Роскомнадзор киинэ иһигэр ханна норуот хайдыһыытын арбыыр түгэни булбутун өйдөөбөтүн туһунан этэр. “Төттөрүтүн, бу киинэ “бэйэ дьоно” уонна “атын киһи” диэн араарыы иэдээҥҥэ тиэрдиэн сөбүн туһунан кэпсиир. Ханнык баҕарар күчүмэҕэй түгэҥҥэ киһини кытта кэпсэтэн, уопсай тыл булуохха сөп. Атын култуураҕа сыһыаннааҕын эрэ иһин буруйдаах оҥорор сыыһатын хартыынаҕа көрдөрө сатаабытым”, — диир режиссер.
«Клишин и партнеры» албакааттар кэллиэгийэлэрин чилиэнэ Владимир Энтин “Айта” киинэ быракааттыыр дастабырыанньата былдьамматаҕын туһунан этэр. “Бу биир хонтуруоллуур уорган икки араас дьаһалы ыытарын туоһулуур – киинэ биир сиргэ көстүөн сөп, атын сиргэ бобуллар. Маннык буолуо суохтаах”, — диир албакаат.
Санатан суруйдахха, “Айта” киинэ 2023 сыл кулун тутарыгар дойду экраннарыгар тахсыбыта. Бастакы 11 күн иһигэр 18 мөл. солк. каассаны хомуйан, Саха сирин муҥутуур ситиһиилээх уус-уран киинэтинэн буолбута. “Зимний” киинэ бэстибээлгэ Степан Бурнашев бу үлэтин иһин “Бастыҥ режиссура” наҕарааданы туппута. Сүрүн оруолу толорооччу Иннокентий Луковцев бэстибээлгэ “Эр киһи бастыҥ оруола” номинацияҕа кыайбыта.
Егор Карпов, Саха сирэ