Дойду премьер-миниистирэ Михаил Мишустин салайааччылаах, ыксаллаах быһыы-майгы содулларын туоратыыга аналлаах мунньахха, өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев Нам улууһун Граф Биэрэгэр уонна Дьааҥы улууһун Верхоянскай куоратыгар ууттан харыстыыр биэрэги бөҕөргөтөр тутуу наадатын бэлиэтээтэ.
Икки эбийиэк бырайыактыыр-сметнэй докумуоннара судаарыстыбыннай экспертизаны ааста. Федеральнай үбүлээһин баар буоллаҕына, уонна госпрограммаҕа киирдэҕинэ 2023 сылга диэри олоххо киириэхтэрин сөп.
«Дьааҥы уонна Нам улуустарын сирдэрэ-уоттара сырыы аайы ууга баралларын учуоттаан, убаастабыллаах Михаил Владимирович, 2025т сылы кэтэспэккэ, 2023 сылга бөҕөргөтүүлэри тутан саҕалыыр туһугар федеральнай бүддьүөттэн үбүлээһини өйүүргэ көрдөһөбүн», — диэтэ баһылык.
Айсен Николаев этэринэн, Верхоянскай дамбатын тутуутун сыаната 1,3 млрд солк., оттон Граф Биэрэгэр даамба тутуута 400 мөлүйүөн суумаҕа сыаналанар. Тустаах сайаапкалар Росводресурс аадырыһыгар ыытылыннылар.
Уһук Илин уокурукка, ол иһигэр Саха сиригэр көмүскүүр тутуулар наадаларын ЫБМ баһылыга Александр Куренков уонна айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа миниистирэ Александр Козлов бэйэлэрин дакылааттарыгар бэлиэтээтилэр.
Мунньах кыттыылаахтарын этиилэрин истэн баран, Михаил Мишустин үп министиэристибэтэ Уһук Илин субъектарын салайааччыларын кытары маннык эбийиэктэри тутуу төһө тоҕоостооҕун быһаарарга сорудахтаата.
«Александр Александрович, Үп министиэристибэтин уонна Уһук Илин уокурук субъектарын салалаталарын кытта хайа региоҥҥа көмүскүүр даамбалары тутар тоҕоостооҕун быһаарыҥ», — диэн Мишустин Козловка иһитиннэрдэ.