20 сылынан Сахабыт сиригэр үөскээбит мас тардыһыы, мас-рестлинг спорт олимпийскай көрүҥэ буолуон сөп, онуоха элбэх үлэ барыахтаах. Итинник санааны Саха сирин баһылыга Айсен Николаев суруналыыстары кытары пресс- конференция кэмигэр иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.
«Мин саныахпар, мас-рестлинг чахчы олимпийскай көрүҥ буолар кыахтаах Саха сирин спордун соҕотох көрүҥэ. Биһиги бу темаҕа атын дойдулар МОК чилиэннэрин кытта кэпсэттибит. Былааннаах үлэ барыта оҥоһуллар түгэнигэр, 30- с сыллар бүтүүлэригэр уонна 40- с сыллар саҕаланыыларыгар бу спорт олимпийскай буолуон сөп»,-диэн аҕа баһылык бэлиэтээтэ.
Кини норуоттар икки ардыларынааҕы мас-рестлинг киинин уонна Академиятын тэрийэр тоҕоостооҕун, ону сэргэ атын дойдуларга спорт бу көрүҥүн аатырдар үлэни ыытар наадатын бэлиэтээтэ.
«Дойдулар олимпийскай комитеттарын уонна аан дойдутааҕы олимпийскай комитеттарын кытта олус күүскэ үлэлэһиэххэ наада, бу иһиттэхэ эрэ чэпчэки, дьиҥэ элбэх сыраны эрэйэр. Ол эрээри, бу көрүҥү олимпийскай оонньууларга киллэрээһин бүттүүнүн дойду улахан соруга. Ханнык эрэ түһүмэххэ федеральнай коллегаларбыт биһигини өйүөхтэрэ, бииргэ бу сыалы ситиһиэхпит диэн эрэнэбин»,-диэн Айсен Николаев түмүктээтэ.