Бэс ыйын 15 күнүгэр Айсен Николаев Санкт-Петербурга буола турар экономическай форум чэрчитинэн ПСБ баан тэрийбит «Экономические приоритеты – 2023: как изменились цели российского бизнеса и регионов» дискуссияҕа кытынна.
Дискуссия кыттыылаахтара аныгы усулуобуйаҕа дойдуга кадр кыаҕын сайдыытын тула кэпсэттилэр. Айсен Николаев этэринэн, киһи хапытаалын сайыннарыыга болҕомто ууруута промышленноска, креативнай индустрияҕа, социальнай эйгэҕэ түмүктэри көрдөрүөҕэ. «Бастакы миэстэҕэ куруук Саха сиригэр киһи хапытаалын кэҥэтии соруга турар, олох хаачыстыбатын тупсарыы», – диэтэ Айсен Николаев.
Санкциялары утары үлэ уонна региоҥҥа промышленность диверсификациятын боппуруостара көрүлүннүлэр. «Өрөспүүбүлүкэ экономиката туруктаах, – диэтэ Айсен Николаев. – Сайдарбытыгар санкциялар мэһэйдээбэттэр: ааспыт сылга – промышленноска 10% — тан, биэс сылга – 43%, 2022 сылга «валовай региональнай продукт» 8% улаатта, биэс сылга «номинальнай валовай региональнай продукт» икки төгүл улаатта уонна икки триллион солк куоһарда. Базовай салаа – уруккутун курдук алмааһы хостооһун, ити эрээри кэнники биэс сылга ньиэп-гаас, чох уонна кыһыл көмүс рекордтары оҥордулар, бу хайысхаларынан Россия регионнарын лидердарын ортолоругар баарбыт. Биир толкуйга баар салаабыт – энергетическай уонна транспортнай инфраструктурабыт сайдыыта мөлтөһүөр. Өскө судаарыстыба бу боппуроустары быһаарарбытыгар көмөлөстөҕүнэ, оччоҕуна Саха сирин экономикатын улаатыытынан Кытай үчүгэй сылларын сайдыытын баһыйар кыахтаахпыт».
Сиһилии https://ysia.ru/ajsen-nikolaev-preumnozhenie-chelovecheskogo-kapitala-glavnyj-prioritet-yakutii/