Аан дойдуга Волонтер күнэ. Бу күн бэйэлэрин баҕаларынан кыһалҕалаах дьоҥҥо көмөлөһөр биирдиилээн дьон уонна тэрилтэлэр бэйэлэрин үлэлэрин туһунан кэпсииллэр, үөрүүлээх быһыыга-майгыга туох эрэ түмүк оҥостоллор. Күн быйылгы тиэмэтэ: «Волонтердар кэккэлэригэр киириҥ!»
Саха сиригэр оҕо хамсааһынын күнэ. Сылын ахсын Саха өрөспүүбүлүкэтигэр ахсынньы 5 күнүгэр бэлиэтэнэр. 1991 сыллаахха СӨ Оҕо уопсастыбаннай холбоһуктарын сойууһа тэриллибитин бэлиэтээн, СӨ бэрэсидьиэнин 2014 сыл кулун тутар 6 күнүгэр тахсыбыт №2526 ыйааҕынан бэлиэтэнэр буолбута. Соруга оҕо көхтөөх буолуутун өйөөһүн, эдэр гражданнар инициативалаах буолалларын ситиһии.
Ахсынньы 5 диэн Григориан халандаарыгар сыл 339-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 340-c күнэ). Сыл бүтүө 26 күн баар.
Бэлиэ күннэр:
- Саха Өрөспүүбүлүкэтэ — Оҕо хамсааһынын күнэ.
- ХНТ — Аан дойдуга Волонтер күнэ. Бу күн бэйэлэрин баҕаларынан кыһалҕалаах дьоҥҥо көмөлөһөр биирдиилээн дьон уонна тэрилтэлэр бэйэлэрин үлэлэрин туһунан кэпсииллэр, үөрүүлээх быһыыга-майгыга туох эрэ түмүк оҥостоллор. Күн быйылгы тиэмэтэ: «Волонтердар кэккэлэригэр киириҥ!»
- Аан дойдутааҕы буор күнэ.
- Арассыыйа — Арассыыйа байыаннай килбиэнин күнэ — 1941 сыллаахха Москуба иһин кыргыһыыга утары кимэн киирии саҕаланыыта.
- Украина — Статистика үлэһиттэрин күнэ.
- Таиланд — Пхумипон Адульядет ыраахтааҕы кэриэстэбилин күнэ.
Түбэлтэлэр:
- 1766 — Лондоҥҥа искусство оҥоһуктарын атыылыыр аатырбыт «Кристис» аукцион аһыллыбыт. Аукционист Джеймс Кристи бастакы атыытын ыыппыт.
- 1812 — Наполеон Парижка переворот буолаары гыммытын истэн, Арассыыйаҕа кыайтарбыт аармыйатын быраҕан дойдутугар айаннаабыт.
- 1848 — АХШ бэрэсидьиэнэ Джеймс К. Полк Конгресска туран Калифорнияҕа элбэх кыһыл көмүс көстүбүтүн бигэргэппит. Онтон сылтаан 1849 сыллааҕы Калифорния көмүс түрүлгэнэ саҕаламмыт.
- 1926 — Эйзенштейн «Броненосец Потёмкин» киинэтэ аан бастаан көрдөрүллүбүт.
- 1931 — Москубаҕа Киристиэс Өрүһүйээччи таҥара дьиэтэ (Храм Христа Спасителя) тоҕо тэптэриллибит.
- 1933 — Саха АССР Совнаркома «Дьокуускайга уу ситимин тутарга» диэн быһаарыы ылбыт.
- 1933 — АХШ-ка 14 сыллаах дойду үрдүнэн арыгы бобуута көтүрүллүбүт. Ол эрээри элбэх штат, резервация, уокурук уонна куорат арыгыны хааччахтааһыны хаалларбыттара.
- 1936 — Сэбиэскэй Сойууска Сталин конституцията диэн ааттаммыт төрүт сокуона ылыныллыбыт. Бу күн Коми автономнай уобалаһа автономнай өрөспүүбүлүкэ статуһун, оттон Кыргыстаан союзнай өрөспүүбүлүкэ статуһун ылбыттар.
- 1941 — Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Москуба иһин кыргыһыыга Кыһыл Аармыйа ньиэмэстэри утары кимэн киириини саҕалаабыт.
- 1991 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Оҕо уопсастыбаннай холбоһуктарын сойууһа тэриллибит.
Төрөөбүттэр:
- 1867 — Юзеф Пилсудскай — Польша судаарыстыбаннай уонна политическэй диэйэтэлэ, сөргүтүтүллүбүт Польша бастакы баһылыга, Польша аармыйатын төрүттээччи.
- 1891 — Екатерина Иванова — олоҥхоһут.
- 1923 — Николай Копырин — филология билимин хандьыдаата, литературовед, кириитик. Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа.
- 1927 — Сэмэн Руфов — суруйааччы, саха норуодунай бэйиэтэ, тылбаасчыт, ССРС суруйааччыларын түмсүүтүн чилиэнэ.
- 1927 — Василий Босиков — 1993—2008 сылларга Музыка үрдүкү оскуолатын ректора, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ, Уус-Алдан улууһун уонна Дүпсүн нэһилиэгин ытык киһитэ. 2012 сыллаахха Василий Босиков аата Музыка үрдүкү оскуолатыгар иҥэриллибитэ.
- 1930 — Иван Серебряков — экскаваторщик, Социалистыы Үлэ Дьоруойа (1966), Мирнэй куоратын Ытык олохтооҕо (1964).
- 1937 — Василий Алексеев — 1994—2006 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин айылҕатын харыстабылын миниистирэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ.
- 1947 — Григорий Томскай — профессор, дипломат, суруйааччы, «Сонор» оонньуу ааптара.
- 1947 — Наталья Христофорова — саха балерината.
Өлбүттэр:
- 1985 — Михаил Лорин — Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа (1944). Сэрии иннинэ Саха Сиригэр аэрофотосъемка инженеринэн үлэлээбитэ.
- 2013 — Нельсон Мандела — апартеиды (хара уонна үрүҥ тириилээхтэри араарар бэлиитикэ) утаран 27 сыл хаайыыга сыппыт киһи, ЮАР бэрэсидьиэнэ буолбута.