Бүгүн Россияҕа ураты суолталаах күн. 1993 сыллаахха Бүттүүн норуот референдумун быһаарыытынан Арассыыйа Конституцията ылыллыбыта. «Россия хас биирдии эппиэтинэстээх гражданина бэйэтин санаатын биллэрэн, Конституция туттулла сылдьар ыстатыйаларыгар сомоҕолоһууну бөҕөргөтүүгэ уонна элбэх омуктаах дойдубут кыаҕын күүһүрдүүгэ, биир кэлим буолуутун хааччыйыыга, судаарыстыба социальнай мэктиэлэрин кэҥэтиигэ туһаайыллыбыт көннөрүүлэри киллэрдэ уонна саҥа ыстатыйалары өйөөтө», — диэн эттэ Ил Дархан Айсе Николаев бүгүҥҥү эҕэрдэ этиитигэр.
Бэлиэ күннэр
- Арассыыйа — Арассыыйа Конституциятын күнэ
- ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы нейтралитет күнэ
- ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы бүттүүн доруобуйа харыстабыла дьону хабыытын күнэ
- Казахстан — Таможня уорганнарын үлэһиттэрин күнэ
- Түркменистаан — Нейтралитет күнэ
- Украина — Хонуутааҕы сэриилэр күннэрэ
Түбэлтэлэр
- 1796 — Арассыыйаҕа «О новом разделении государства на губернии» диэн Ыраахтааҕы уурааҕа тахсыбыт. Ол уурааҕынан 1797 сыл кулун тутарыгар Иркутскай наместничество күбүөрүнэ буолбут, уобаластар, ол иһигэр Саха уобалаһа, — уезд буолбуттар, уездтар комиссарство буолбуттар.
- 1911 — Оччотооҕу Британия Ииндийэтин киин куората Калькуттаттан Делигэ көһөрүллүбүт.
- 1979 — Соҕуруу Кэриэйэҕэ байыаннай переворот буолбут. Генарал Пак Чон Хи өр сыллаах диктатуратын кэнниттэн гражданскай киһи дойдуну салайыыта уһаабатах, байыаннайдар былааһы бэйэлэригэр төттөрү ылбыттар.
- 1993 — Бүттүүн норуот референдумун быһаарыытынан Арассыыйа Конституцията ылыллыбыт.
- 1993 — Ил Түмэн бастакы састаабыгар 56 дьокутаат талыллыбыт: Өрөспүүбүлүкэ палаататыгар — 35, Бэрэстэбиитэллэр Палааталарыгар — 21.
- 2012 — Хотугу Кэриэйэ Кванмёнсон-3 («Чаҕыл сулус — 3») диэн бастакы спутнигын орбитаҕа бэйэтин ракетатын Ынха-3 («Халлаан Сиигэ — 3») көмөтүнэн таһаарбыт.
- 2015 — Климат сылыйыытын хааччахтыыр сыаллаах Киото протоколун оннугар Парижтааҕы сөбүлэҥ түһэрсиллибит. Сөбүлэҥ сүрүн өрүтэ — 2100 сылга диэри аан дойду климатын сылыйыытын 2°С иһигэр тутуу, ол туһугар CO2 эмиссиятын аччатыы. Парижтааҕы сөбүлэҥҥэ дойду барыта кэриэтэ кыттыспыта, ол эрэн 2017 сыллаахха АХШ тахсыбыта.
Төрөөбүттэр
- 1766 — Николай Карамзин — нуучча суруйааччыта уонна устуоруга, ону кытары нуучча тылын реформатора. Нуучча тылыгар француз тылын грамматикатын уонна синтаксиһин хото киллэрэн литературнай нуучча тылын сайдыытыгар сүҥкэн кылааттаах.
- 1886 — Николай Барамыгин — Өлүөхүмэ оройуонун Энгельс аатынан холкуос биригэдьиирэ, Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
- 1910 — Спиридон Григорьев — саха бастакы театральнай режиссера, 1933—1961 сылларга Саха тыйаатырын уус-уран салайааччыта, сүрүн режиссера, РСФСР уонна Саха АССР норуодунай артыыһа.
- 1915 — Фрэнк Синатра — Америка ырыаһыта уонна артыыһа, «Оскар» бириэмийэтин лауреата, 11 төгүллээх «Грэмми» бириэмийэтин лауреата.
- 1924 — Евдокия Горохова — саха биллиилээх ил уонна уобсастыба диэйэтэлэ, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ (1980—1985), Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ (2004).
- 1928 — Чингиз Айтматов — кыргыыс уонна нуучча суруйааччыта.
- 1927 — Мария Канаева — Саха тыйаатырын артыыһа, Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
- 1927 — Александра Захарова — педагогика билимин хандьыдаата, доцент.
- 1937 — Аркадий Алексеев — саха биллиилээх мелодиһа, ырыаһыт, уобсастыба диэйэтэлэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Дьокуускай куоратын (1998, тохсунньу 14), Мэҥэ-Хаҥалас улууһун уонна Тойбохой нэһилиэгин (2012) ытык киһилэрэ.
- 1938 — Дора Васильева — биллэр литературовед, литератураны ырытааччы, тыл үөрэҕин билимнэрин дуоктара. Чинчийиилэрин сүрүн хайысхата — аныгы саха прозатын уонна оҕо уонна эдэр ыччат литератураларын сайдыыларын кыһалҕалара.
- 1938 — Роман Хобусаров — тыа хаһаайыстыбатын үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү улууһун ытык олохтооҕо.
- 1981 — Александр Контоев — Белоруссия уонна Россия тустууга, Аан дойду түһүлгэтин үһүс миэстэлээх призёра (2001), Европа чемпионаттарын призера (2002, 2005, 2013), Россия чемпиона (2002). Горнай улууһун Ытык олохтооҕо.
Өлбүттэр
- 1945 — Петр Драверт — Сибиири чинчийээччи, поэт. 1906—1910 сс. Саха сиригэр көскө сылдьан Кэмпэндээйи тууһун, Өлүөнэ алын тардыытын флоратын уонна фаунатын, Байаан-Күөл уонна Абалаах туустарын үөрэппит.