«Агростартап» куонкурсун анал хамыыһыйа көрөр. Бэрээдэк быһыытынан критерийдар олохтоноллор. Ол быһыытынан сыаналааһын ыытыллар. Хас биирдии чилиэн баал туруорар, онтон орто сыана таһаарыллар.
Урукку сылларга критерий элбэҕэ, куонкуруска кыттааччы үөрэҕэ, техникалааҕа барыта учуоттанара. Оттон былырыыҥҥыттан саҕалаан 5 критерий олохтонно:
1. Саҥа үлэ миэстэтин (постоянно) таһаарыы (бырайыакка суруллар)»:
— З уонна онтон элбэх үлэһит – 10 баал
— 2 киһи – 8 баал
— 1 киһи – 6 баал.
2. Бэйэ хармааныттан утары уунар харчыҥ (бырайыак сууматыттан):
— 20 % уонна онтон элбэх – 10 баал
— 15 — 20 % – 8 баал
— 10-тан — 15 % – 6 баал.
3. Бырайыак сабынар болдьоҕо:
— 3 сыл иһинэн – 10 баал
— 3 — 4 сыл – 8 баал
— 4 — 5 сыл – 6 баал.
4. Сир:
— бас билиигэ эбэтэр төлөбүрэ суох туттууга баар буоллаҕына – 10 баал
— 5-тэн элбэх сылга аренда – 8 баал
— 5 сыл иһинэн аренда – 6 баал.
5. Үлэ эбийиэктэрэ, ыскылааттар, манна хотон эмиэ киирэр:
— бас билиигэ баар буоллаҕына — 10 баал
— 5-тэн элбэх сылга аренда — 8 баал
— 5 сыл иһинэн аренда – 6 баал.
Докумуоннар бары Росреестрга бэлиэтэммит буолуохтаахтар.
Маны сэргэ презентация оҥоһуллар. Көмүскээһин 10 баалынан сыаналанар. Өскөтүн кыттааччы бу түһүмэххэ 6 баалы ылбатаҕына, тута куонкурустан туоруур.
Онон бизнес-былааҥҥыт бырайыагын хайдах кэпсээн көмүскүүргүтүттэн, хамыыһыйаны төһө интэриэһиргэтэргититтэн, чахчы мин үлэм грант ылыахтаах диэн дакаастыыргытыттан олус элбэх тутулуктаах буолуоҕа.
Куонкурсу кулун тутар ортотугар буолуон сөп диэтилэр. 2022 сыллааҕы куонкурсу ыытыы Бэрээдэгэр улахан уларыйыы суох буолар. Онон былырыыҥҥы Бэрээдэгинэн бэлэмнэнии үлэтэ саҕаланна.
Агростартапка кыттыыга сылын аайы интэриэс улаатан иһэр.
Үбүлээһин кыччаабыт, эрдэтээҥи сыллары кытта тэҥнээн көрдөххө:
2019 с. – 110,5 мөл солк
2020 с. – 115,7 мөл солк
2021 с. – 107,9 мөл солк
2022 с. – 84,8 мөл солк
Үс сыл устата «Агростартап» бырагырааманан 113 фермер гранынан туһаммыт. Киһитин ахсаанынан биэс бастыҥ көрдөрүүлээхтэр:
1. Мэҥэ Хаҥалас – 13 киһик, суумата 31,9 мөл солк
2. Уус Алдан – 11 киһи, 33,6 мөл солк
3. Таатта – 9 киһи, 31,5 мөл солк
4. Хаҥалас – 9 киһи, 27,7 мөл солк
5. Нам – 9 киһи, 23,7 мөл солк.