23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Агафья сүбэтэ: Арассаадабытын олордуоҕуҥ!

13:30, 22 марта 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Чаҕылхай күн уотунан аргыстанан, сандал сааспыт тиийэн кэллэ, Ньурба Антоновкатын олохтооҕо Агафья Тарасова оҕуруот аһын арассаадалыырга маннык сүбэлиир. 


Туох барыта бэйэтин кэминэн

Аһара эрдэ ыһыллыбыт арассаада сырдык тиийбэтиттэн ыалдьар, ол элбэх сыранан көннөрүллэр. Ити иһин ханнык баҕарар култуураны кэмигэр ыһар ордук. Мин дьэдьэни, порей луугу, эксибишен луугу, сельдерейи, сытыы биэрэһи, үс суорт баклажаны, сибэккилэртэн лобелияны, астраны, дельфиниумы, рудбекиялары о.д.а. арассаадалаабытым тахсан эрэллэр.

Сиэмэни бэлэмнээһин

Оҕуруот аһын да, сибэкки да сиэмэлэрин күһүҥҥү үүнүүттэн хомуйан эбэтэр маҕаһыынтан атыылаһан, атастаһан хааччыныллар. Онуоха туох ханнык иннинэ, араас ыарыылартан эмтиибит: суукка аҥаарын устатыгар марганцовкалаах ууга сытыарабыт. Салгыы биир ыстакаан ууга биирхааппыла «Эпин» эбэтэр «Циркон» кутуллубут суурадаһыныгар уган, үүнүүтүн күүһүрдэр эттигинэн байытабыт.

Сиэмэ чэгиэн-чэбдик буоларын туһугар туттуллар стратификация ньымата, сүрүннээн, халыҥ хахтаах сиэмэлэргэ (халыҥ хахтаахтары кыратык аалан чарааһатар ордук), элбэх сыллаах үүнээйилэргэ, сибэккилэргэ барсар. Бу дьаһал икки көрүҥнээх. Таһырдьа хаар анныгар кыстаабыт сиэмэ саас сымнаан, үллэн, силиһин буорга анньан үүнэн тахсара естественнай стратификация дэнэр. Иккис көрүҥүн бэйэ оҥорор: сиэмэлэри сиигирдэн, тымныыга туруоран баран, чэгиэннэри талан олордуллар.

Эрдэ сиири – түннүккэ

Билигин баклажан, биэрэс, порей луук, сельдерей арассаадаланаллар. Оттон оҕурсу уонна помидор кэмнэрэ арыый эрдэ. Ол эрээри, тэпилииссэ үүнээйитэ ситиэр диэри сииргэ анаан, «Оконно-балконный», «Берендей» курдукбалкоҥҥа үүннэриллэр суортартан аҕыйах атаҕы түннүккэ олордуохха сөп. Онуоха иһиттэрэ биэс киилэлээх уонна дренажтаах буолара ордук. Арассаадалаах иһити күн көрөр түннүгэр туруоруллар. Түннүк сэҥийэтигэр пенофолу тэлгэттэххэ, түннүктэн тымныы салгын үрбэт.

Сибэккилэри арассаадалыырга пачкаҕа баар сиэмэни барытын ыспакка, элбэх суортан аҕыйахтыыны олордор ордук. Оччоҕуна ордук-хос үлэ тахсыбат.Элбэҕи ыһан кэбистэххэ, кэлин атын иһиттэргэ арааран көһөрөр саҕана эрэйдээх буолар.

Күннээх эрээри, сөрүүн сир ордук

Наһаа уһаабатын диэн арассааданы күннээх эрээри, сөрүүн сиргэ туруоруллар уонна иһитин күнү батыһан эргитэн биэриллэр, сэрэнэн буорун эбиллэр. Ууну буорун көрөн-истэн эрэ баран кутуллар. Дириҥ, үрдүк иһиккэ олордуллубут арассаада үрдэ куурбут курдук буолар эрээри, аллараа өттө сииктээх сытар. Буора хаппыт диэн уу бөҕөтүн халыттахха, үүнээйи «хара атах» ыарыыга ылларан, төрдүттэн сытыйар, буора аһыйар. Ол иһин сэрэнэн, кыралаан кутуллар.

Уһаабыты – эрийэн

Күн уота тиийбэтиттэн сап курдук уһун, синньигэс буолбут эрдэтээҥи помидору уларытан олордуҥ. Онуоха биир күн төрүт ууну кутумаҥ итиэннэ иһититтэн хостоон, умнаһын сэрэнэн эрийэ тутан баран саҥаттан олордуҥ. (Бу эриллибит умнастан элбэх силис тахсан, буортан иҥэмтиэлээх эттиги быдан элбэҕи иҥэринэн, үнүгэс салгыы сөптөөхтүк сайдарыгар күүһү биэрэр). Уута кутуҥ уонна күннээх буолан баран сөрүүн сиргэ туруоруҥ. Итиэннэ үүнэн истэҕин аайы кэлэ-бара сылдьан, сэрэнэн имэрийэн-томоруйан ааһыҥ.Таарыйыллар кэмигэр помидор сытын таһааран, уһуур дьоҕурун бытаардар, модьу-таҕа буола улаатар.

Кыстаабыты сырдыкка чугаһатан

Күһүн умуһахха кыстата уурбут үүнээйилэргитин (гладиолус, георгин уо.д.а. сибэкки бөлчүөхтэрин) «Фитоспоринынан» ыстаран, ыарыыттан сэрэтэ-эмтии сылдьыҥ. Буорту буолбуту быһан быраҕыҥ, аны кэккэлэһэ сытар үүнээйигэ ыарыытын биэриэҕэ. Дьэдьэн арыый көҕөрөн эрэр буоллаҕына, хараҥаттан сыыйа сырдыкка чугаһатыҥ, ол эрээри атын иһиккэ көһөрүмэҥ, буорун тыытымаҥ. Билигин көбүттэххэ, салгын киирэн силиһэ хатан хаалыаҕа.

Сибэкки көрүүнү эрэйэр

Сибэкки барахсан сайын үчүгэйдик сибэккилиирин билиҥҥиттэн хааччыйыҥ. Холобур, шток роза арассаадатын биир сүрүн үнүгэһинэн эрэ үүннэрэн, хоннох лабаатын туурдахха, саҥа лабааҕа күүһүн бараабат, сибэккилиир кыаҕа түргэнник сайдар.

Көннөрү кирээккэҕэ олортоххо, үүнээйи силиһин сайыннара сатаан, сэбирдэҕэ эрэ улаатар, оттон наһаа «аһаттахха», сэбирдэххэ былдьатар. Онон сибэккинисөбүгэр дьоҕус иһиккэ олордуҥ, күһүн киллэрэргэ да абыраныаххыт. Лобелияны үрдүү түспүтүн кэннэ, астраны, георгины, петунияны төрдүс сэбирдэхтэрин кэнниттэн быстахха, алларааттан ойоҕос лабаалар тахсаннар, хойдо үүнэллэр. Петуния уонна георгин төбөлөрүн корневиҥҥа булкуйан баран олортоххо, бэркэ ылсан үүнэллэр. Санатан эттэххэ, сайын оҕурсуну эмиэ биир сүрүн лабаанан эбэтэр хоннох лабааны таһааран, икки угунан үүннэрэн, оттон помидору күһүөрү төбөтүн сарбыйан элбэх аһы ылыллар.

Болдьоҕо тахсыбыты айылҕаҕа

Астара мөлтөх биитэр болдьоҕо тахсыбыт сиэмэни мин бөххө быраҕар оннугар сиргэ-уокка ыһан кэбиһэбин. Айылҕа көҥүл оҕолоро, чыычаахтар уонна бытархай үөннэр-көйүүрдэр, сиэтиннэр. Айылҕа барахсантан уон оччону хомуйабыт.

Өйдөөҥ:

1. Оҕуруот (арассаада, тэпилииссэ) буорун туттуох иннинэ убаҕас марганцовкалаах итии уунан эмтээҥ.

2. Бэйэ ылбыт сиэмэтин иккис сылыгар олортоххо, өлгөмнүк үүнэр.

3. Бөдөҥ сиэмэлэри муохха тылыннарыҥ.

4. Арассааданы күннээх эрээри сөрүүн соҕус сиргэ туруордахха, уһаабат, чэгиэн уонна тулуурдаах буолар.

6. Оҕурсуга сылаас ууну уонна умнаһын таарыйбакка, тула куттахха ыалдьыбат.

7. Килиэби көөнньөрбүт уунан дьэдьэни, оҕурсуну нэдиэлэҕэ биирдэ аһатыҥ.

8. Баклажан, помидор сибэккилэрин ылымаҥ, биэрэс сибэккитин бастакы икки бутуонун тууруҥ.

9. Баччаларга отонноох мастар, талахтар, моонньоҕоннор уо.д.а. төрдүлэригэр күлү кутуҥ, хаары кытары ууллан, уоҕурдуу буоллуннар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар